Үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 4 млрд солк. тахса үп көрүллүөҕэ

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 2026 сылга 4 млрд солк. тахса үп көрүллүө диэн Ил Дархан Айсен Николаев Туһаайан этиитигэр иһитиннэрбитэ.

“Биһиэхэ РФ уонна Саха сирин 115 тыһ. үлэ бэтэрээнэ баар. Кинилэри өйүүргэ 4 млрд тахса солк ыытыллыаҕа. Араас салааларга ситиһиилээх үлэлиир дьоҥҥо анаан “Үлэ киһитэ” бириэмийэ олохтоммута”, — диэн бэлиэтээбитэ Ил Дархан.

Үлэ бэтэрээннэригэр Саха сиригэр эбии харчы уонна социальнай харысхал көрүллэр. Социальнай көмө быһыытынан ый ахсын 1370 солк., олох-дьаһах төлөбүрүгэр 1604 солк. түһэр. Өскөтө ЖКУ-га ороскуотуҥ ЕДК -тан ылар суумаҕыттан улахан буоллаҕына, хаттаан аахтарар бырааптааххын. Сайабылыанньаны элбэх хайысхалаах кииҥҥэ, Госөҥөлөр порталга биэрэҕин.

Үлэ бэтэрээнэ АЭБ каартанан оптуобуска чэпчэтиилээх өҥөнөн айанныыр бырааптаах. 2026 сылга биир ыйдаах чэпчэтиилээх айан сыаната 634 солк. буолла.

Санаторнай-курортнай эмтэниигэ көрүллэр чэпчэтии путевка сыанатыттан 80% ылар.

Өскөтө киһи атын төрүөттэринэн хас да социальнай өйөбүл миэрэтигэр сөп түбэһэр буоллаҕына,  холобур, үлэ бэтэрээнэ, инбэлиит эбэтэр «Сэрии оҕолоро» диэн ааттанар буоллаҕына — оччоҕо социальнай өйөбүл балартан бииригэр туһааннаах киһи сөбүлэҥинэн оҥоһуллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

2026 сылга култуура икки сүрүн эбийиэгэ үлэҕэ киириэҕэ

Ил Дархан Туһаайан этиитигэр эппитинэн, Култуура сылыгар Муусука үрдүкү оскуолата уонна Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

АТАХ ТЭПСЭН ОЛОРОН КЭПСЭТИЭХ: Артыыс Анна Охлопкова айар үлэтин 50 сыла

Аркадий Новиков төрүттээбит  “Көөчөөн көрө” мини тыйаатырын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Охлопкова айар…

16 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ парикмахерскай арыйда

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Айнар Слепцов парикмахерскай солуонун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда. Бу туһунан…

46 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Далбар» ансаамбыл уон сыллаах ситиһиитэ кэрэхсэтэр

Ахсынньы 19 күнүн дьыбардаах киэһэтигэр ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, дьон-сэргэ Тойбохой килбэйэр киинигэр турар Клара…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Арыгылааһын кэмигэр мунну тостубут

Тааттатааҕы полиция дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи муннутун тоһутан балыыһаҕа кэлбитин туһунан иһитиннэрбиттэр. Бу туһунан СӨ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Иван Боппосов хаар аттара

Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо Иван Боппосов дьиэтин үрдүгэр Уот кыһыл сылгы сылын көрсө хаар…

2 часа ago