Үлэ буларга үктэл
Дьокуускайга АЛРОСА офиһын киирэр ааныгар сыаналаах таастары уонна тимирдэри кытары үлэлиир идэни талбыт, ХИФУ физико-тиэхиньиичэскэй институтун үһүс кууруһугар үөрэнэр ыччаттар мустубуттар. Инникитин кинилэри хас да сыллаах үөрэх күүтэр, ол да буоллар, кинилэр хайыы үйэ үлэ күннээҕи түбүктэрин уонна талан ылбыт идэлэрин ымпыгын-чымпыгын быраактыкаҕа билсэллэригэр кыах бэриллэр.
Итинник үчүгэй кыаҕы кинилэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ миэстэтин таһаарар бөдөҥ хампаанньанан биллэр АЛРОСА биэрэр, хампаанньа идэлээх дьону оскуола ыскаамыйатыттан иитэн таһаарарга дьулуһар. Алмаастаах хампаанньа сыал-сорук туруорунан, үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын кытары бииргэ үлэлэһэр, оскуолаларга анал кылаастары тэрийэр, онтон АЛРОСА корпоративнай университета үлэлии сылдьар исписэлиистэри үөрэтэрин таһынан, устудьуоннарга уонна үөрэнээччилэргэ идэни таларга көмөлөөх үлэҕэ улахан болҕомтотун уурар. Онон, кинилэр алмаас салаатыгар үлэлэрин саҕалыырга чэпчэки буолуоҕа.
Бу сырыыга АЛРОСА алмааһы батарар Дьокуускайдааҕы тэрилтэтэ (ЯПТА) идэни таларга ыытар үлэтин чэрчитинэн, устудьуоннарга билсиһии көрсүһүүтүн ыытта.
Оскуолаттан – университекка
Быйыл АЛРОСА алмааһы батарар Дьокуускайдааҕы тэрилтэтэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Манна чочулла илик айылҕа тааһын наардааһынынан, сыаналааһынынан уонна батарыынан дьарыктаналлар. Аан дойдуга хас биирдии 12-с сыаналаммыт таас ЯПТА үлэһиттэрин нөҥүө ааһар.
Тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Евстратов кэпсээбитинэн, алмаас хостооһунугар аан дойдуга инники иһэр АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарар субурҕатыгар дьоһуннаах кэрчигинэн буолар.
– Барыллаан эттэххэ, Арассыыйаҕа алмаас 90% биһиги хампаанньабыт Саха сиригэр эрэ буолбакка, Архангельскай уобаласка эмиэ хостуур. Батарыы комплекса хостооһун бары циклын чыпчаалынан буолар: алмааһы кытта геологтар, хайа үлэһиттэрэ, байытааччылар үлэлээбиттэрин кэнниттэн уопсай түмүккэ тырааныспар үлэһиттэрэ, хааччыйааччылар, учуонайдар ылсаллар уонна хостоммут алмаастар сыанабыл уонна наардааһын үлэтигэр ыытыллаллар. Оҥорон таһаарыы бүтэһик түмүгэ батарыы комплексыттан улахан тутулуктаах. Ювелирнай алмаас үс гыммыт иккитэ — Москваҕа Биир кэлим батарар тэрилтэҕэ, үс гыммыт биирэ биһиэхэ сыаналанар уонна наарданар.
Биһиги тэрилтэбитигэр алмааһы наардааччылар уонна эспиэрдэр ирдэниллэллэр. Бу салааҕа идэни талбыттар бигэ тирэхтээх кэлэктиипкэ сыаналаах таастары кытта үлэлиэхтэрин, алмаас уратытын быһаарар буолуохтарын сөп.
Биһиги хампаанньабытыгар кэлэктиип сайдыытыгар киэҥ хабааннаах идэҕэ сирдиир үлэ барар. Холобур “АЛРОСА-кылаастар” анал кылаастарга үөһээ кылаас үөрэнээччилэрэ тиэхиньиичэскэй дьиссипилиинэлэри үөрэтэллэрин сэргэ, алмааһы хостооһун уратыларын билсэллэр.
Саҥа үлэһиттэр хайа-байытар кэмбинээттэргэ, тэрилтэлэргэ уонна батарар комплекска үлэлииллэрин туһугар, хампаанньа үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын кытары көхтөөхтүк үлэлиир.
Биһиги, бастатан туран, сыаналаах таастары наардааһыҥҥа үрдүк таһымнаахтык үлэлиир кыахтаах геммологтары, минералогтары кэрэхсиибит.
Алмааһынан эргинэр Дьокуускайдааҕы тэрилтэҕэ бириинчик, өйгө хатаан хаалар дьоҕур, туочунас уонна хамаандаҕа үлэлиири сатааһын курдук хаачыстыбалар улахан суолталаахтар. Бэлиэтээн эттэххэ, эдэр биир идэлээхтэрбитин кытары уһуйааччылар үлэлииллэр.
Алмааһы наардыыр үчүгэй исписэлииһи бэлэмнииргэ үстэн итэҕэһэ суол сыл, оттон эспиэри бэлэмнииргэ биэстэн тахса сыл наада. Тоҕо диэтэххэ, бу идэлэр уратылара олус элбэх, сүрүн көрдөрүүгэ 8 тыһыынчаттан тахса балаһыанньа баар: өҥүнэн, көрүҥүнэн, хаачыстыбатынан. Бастакы түһүмэххэ массыыналар сырьену кээмэйинэн араарарга, онтон бөдөҥ алмаастары ыйааһынынан араарарга көмөлөһөллөр. Ол гынан баран, үксүгэр наардааһын уонна сыаналааһын – уруккутун курдук, илии үлэтэ, – диэн дириэктэр кэпсээтэ.
Бииргэ көдьүүстээхтик үлэлээһин
Билигин АЛРОСА – бырамыысыланнас хампаанньаларын ортолоругар ХИФУ-ны кытары үлэлэһээччилэртэн биирдэстэрэ. Кэнники сылларга үөрэҕи бүтэрбит сүүсчэ ыччат алмаастаах хампаанньа араас тэрилтэтигэр үлэҕэ киирдэ. 1994 сыллаахха манна “Сыаналаах тимирдэри уонна таастары чочуйуу технологията” кафедра тэриллибитэ. ХИФУ физико-тиэхиньиичэскэй институтун бу кафедратын сэбиэдиссэйэ Варвара Дмитриева АЛРОСА хампаанньаны кытары 1994 сылтан, кафедра тэриллиэҕиттэн ыла бииргэ үлэлииллэрин туһунан кэпсээтэ. Устудьуоннар алмаас морфологиятын, алмаастаах сырьену наардааһыны, бриллианы сыаналааһыны, алмаас физикатын уонна химиятын төрүттэрин, геммологияны үөрэтэллэр.
– Биһиги үлэбит сүрүн сыала-соруга – алмаас-бриллиант комплексыгар, ол иһигэр үөрэх хаамыытын хаачыстыбатын үрдэтэн туран, үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээһин систиэмэтин оҥоруу.
Бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, алмааһынан эргинэр Дьокуускайдааҕы тэрилтэни кытары устудьуоннары быраактыкаҕа бэлэмнээһин туһунан дуогабар түһэрсилиннэ. Биһиги устудьуоннарбыт быраактыкаларын бараллар, кэлин үлэҕэ ылыллар кыах бэриллиэн сөп. Холобур, быйыл биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрбит кыыс ЯПТА-ҕа алмааһы наардааччынан үлэҕэ ылылынна.
Алмааһынан эргинэр тэрилтэ идэҕэ сирдиир көрсүһүүлэри тиһигин быспакка ыытара, үлэ усулуобуйатын уонна инники кэскил туһунан кэпсииллэрэ кэрэхсэбиллээх. Биһиги устудьуоннарбыт тус кэпсэтии кэнниттэн үлэҕэ быраактыкаларын бараллар, – диэн кэпсээтэ.
Дьоллоох билиэт
Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумун бүтэрбит Дайаана Васильева быйыл АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киирэн, 5 разрядтаах наардааччынан үлэлиир.
– Алмааһынан эргинэр тэрилтэҕэ үлэҕэ быйыл атырдьах ыйыгар киирбитим. Техникумҥа үөрэнэ сылдьан манна быраактыкаламмытым. Уопуттаах үлэһиттэртэн талыллыбыт уһуйааччым бу эппиэтинэстээх идэ ымпыгын-чымпыгын кэпсээбитин олус сөбүлээбитим. Кэлэктиип миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, бары олус түмсүүлээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара тута биллэр. Кэскиллээх тэрилтэҕэ үлэҕэ ылыллыы – миэхэ улахан табыллыы. Кыралаан хампаанньа структуратын, корпоративнай тосхоллорун билсэбин. Ону таһынан мин үлэҕэ киирэрбэр АЛРОСА социальнай бэлиитикэтинэн, бэйэтин үлэһиттэрин өйүүрүнэн уонна элбэх чэпчэтиилээх бырагыраамалааҕынан кэрэхсэппитэ. Мин алмааһы хостуур тэрилтэҕэ үлэҕэ кэлэн, дьоллоох билиэти тардан ылбыппын дии саныыбын.
«Манна бэйэҕин көрдөрөргө элбэх кыах бэриллэр”
– АЛРОСА туһунан билбэт Саха сирин олохтооҕо суох. Ол иһин ЯПТА үлэһиттэрин кытары бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыратык долгуйбуттара: арай инникитин кинилэргэ үлэлиэхтээх дьоҥҥо ирдэбиллэрэ олус улахан буоллун? Ол гынан баран, үтүө санааларыттан, ыллыктаах уонна чопчу этиилэриттэн биһиги олус үөрдүбүт, – диэн 3-с куурус устудьуонката, «Технология художественной обработки материалов» хайысха технолога буолуохтаах Лилияна Степанова кэпсээтэ. – Мин санаабар, кыргыттар сыаналаах таастары сөбүлүүллэр, онтон бриллианнар диэн чыпчаалтан чыпчаал буоллаҕа. Мин бэйэм эмиэ итинник саныыбын. Ол иһин, өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сыаналаах таастары билэр куһаҕана суох буолуо этэ диэн санааттан бу идэбин талбытым. Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумугар үөрэнэ киирэн, биир сыл иһигэр кырыылааччы идэтин баһылаабытым. «WorldSkills» куонкуруска кыттыбытым. Мин үөрэхпин олус сөбүлээбитим, ол иһин үрдүк үөрэхтэнэр уонна сыаналаах таастар эйгэлэрин өссө үчүгэйдик билэр туһугар ХИФУ-га киирбитим. Биллэн турар, ЯПТА туһунан истибиппит, ол гынан баран, бу тэрилтэҕэ быраактыкаланыахха сөбүн билбэт этибит. Бүгүҥҥү көрсүһүү миигин өссө күүскэ көҕүлээтэ. Тэрилтэ салалтата кинилэр үлэлэрин уратытын сиһилии кэпсээтэ. Хампаанна эдэр исписэлиистэри кэрэхсиириттэн олус үөрдүм. Манна бэйэҕин сайыннарарга, кыаххын кэҥэтэргэ уонна үлэҕэ үрдүүргэ элбэх кыах бэриллэр эбит. Мин бу бөдөҥ хампаанньаҕа үлэлиэхпин урут да баҕарар этим, оттон билигин сөпкө баҕарбыппын бигэргэтэбин. Хампаанньа идэни талыыга сирдиир көрсүһүүлэрин иһин улахан махтал. Маннык көрсүһүүлэр чахчы да ситиһиилээхтик үөрэнэргэ уонна инниҥ диэки баран иһэргэ көҕүлүүллэр.
Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: