Үлэ буларга үктэл

Үлэ буларга үктэл

19.10.2023, 14:30
Хаартыска: АЛРОСА пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

 Дьокуускайга АЛРОСА офиһын киирэр ааныгар сыаналаах таастары уонна тимирдэри кытары үлэлиир идэни талбыт, ХИФУ физико-тиэхиньиичэскэй институтун үһүс кууруһугар үөрэнэр ыччаттар мустубуттар. Инникитин кинилэри хас да сыллаах үөрэх күүтэр, ол да буоллар, кинилэр хайыы үйэ үлэ күннээҕи түбүктэрин уонна талан ылбыт идэлэрин ымпыгын-чымпыгын быраактыкаҕа билсэллэригэр кыах бэриллэр.

Итинник үчүгэй кыаҕы кинилэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ миэстэтин таһаарар бөдөҥ хампаанньанан биллэр АЛРОСА биэрэр, хампаанньа идэлээх дьону оскуола ыскаамыйатыттан иитэн таһаарарга дьулуһар. Алмаастаах хам­паанньа сыал-сорук туруорунан, үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын кытары бииргэ үлэлэһэр, ос­­куолаларга анал кылаастары тэрийэр, онтон АЛРОСА корпоративнай университета үлэлии сылдьар исписэлиистэри үөрэтэрин таһынан, устудьуоннарга уонна үөрэнээччилэргэ идэни таларга көмөлөөх үлэҕэ улахан болҕомтотун уурар. Онон, кинилэр алмаас салаатыгар үлэлэрин саҕалыырга чэпчэки буолуоҕа.

Бу сырыыга АЛРОСА ал­маа­һы батарар Дьокуускайдааҕы тэрилтэтэ (ЯПТА) идэни таларга ыытар үлэтин чэрчитинэн, устудьуоннарга билсиһии көрсүһүүтүн ыытта.

Оскуолаттан – университекка

Быйыл АЛРОСА алмаа­һы батарар Дьокуускайдааҕы тэрилтэтэ 30 сыллаах үбүлүө­йүн бэлиэтээтэ. Манна чочулла илик айылҕа тааһын наардааһынынан, сыаналааһынынан уонна батарыынан дьарыктаналлар. Аан дойдуга хас биирдии 12-с сыаналаммыт таас ЯПТА үлэһиттэрин нөҥүө ааһар.

Тэрилтэ дириэктэрэ Алек­сей Евстратов кэпсээбитинэн, алмаас хостооһунугар аан дойдуга инники иһэр АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарар субурҕатыгар дьоһуннаах кэрчигинэн буолар.

– Барыллаан эттэххэ, Арас­сыыйаҕа алмаас 90% биһиги хампаанньабыт Саха сиригэр эрэ буолбакка, Архангельскай уобаласка эмиэ хостуур. Батарыы комплекса хостоо­һун бары циклын чыпчаалынан буолар: алмааһы кытта геологтар, хайа үлэһиттэрэ, байы­тааччылар үлэлээбиттэрин кэнниттэн уопсай түмүккэ тыраа­ныспар үлэһиттэрэ, хааччыйааччылар, учуонайдар ылсаллар уонна хостоммут алмаастар сыанабыл уонна наардааһын үлэтигэр ыытыллаллар. Оҥорон таһаарыы бүтэһик түмүгэ батарыы комплексыттан улахан тутулук­таах. Ювелирнай алмаас үс гыммыт иккитэ — Москваҕа Биир кэлим батарар тэрилтэҕэ, үс гыммыт биирэ биһиэхэ сыаналанар уонна наарданар.

Биһиги тэрилтэбитигэр алмааһы наардааччылар уонна эспиэрдэр ирдэниллэллэр. Бу салааҕа идэни талбыттар бигэ тирэхтээх кэлэктиипкэ сыаналаах таастары кытта үлэлиэхтэрин, алмаас уратытын быһаарар буолуохтарын сөп.

Биһиги хампаанньабытыгар кэлэктиип сайдыытыгар киэҥ хабааннаах идэҕэ сирдиир үлэ барар. Холобур “АЛРОСА-кылаастар” анал кылаастарга үөһээ кылаас үөрэнээччилэрэ тиэхиньиичэскэй дьиссипи­лиинэлэри үөрэтэллэрин сэргэ, алмааһы хостооһун уратыларын билсэллэр.

Саҥа үлэһиттэр хайа-ба­­йытар кэмбинээттэргэ, тэрилтэлэргэ уонна батарар комплекска үлэлииллэрин туһугар, хампаанньа үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын кытары көхтөөхтүк үлэлиир.

Биһиги, бастатан туран, сыаналаах таастары наар­дааһыҥҥа үрдүк таһымнаахтык үлэлиир кыахтаах геммологтары, минералогтары кэрэхсиибит.

Алмааһынан эргинэр Дьо­куус­кайдааҕы тэрилтэҕэ бириин­чик, өйгө хатаан хаалар дьоҕур, туочунас уонна хамаан­даҕа үлэлиири сатааһын курдук хаачыстыбалар улахан суол­талаахтар. Бэлиэтээн эттэххэ, эдэр биир идэлээхтэрбитин кытары уһуйааччылар үлэлиил­лэр.

Алмааһы наардыыр үчүгэй исписэлииһи бэлэмнииргэ үстэн итэҕэһэ суол сыл, оттон эспиэри бэлэмнииргэ биэстэн тахса сыл наада. Тоҕо диэтэххэ, бу идэлэр уратылара олус элбэх, сүрүн көрдөрүүгэ 8 тыһыынчаттан тахса балаһыанньа баар: өҥүнэн, көрүҥүнэн, хаачыстыбатынан. Бастакы түһүмэххэ массыыналар сырьену кээмэйинэн араарарга, онтон бөдөҥ алмаастары ыйааһынынан араа­рарга көмөлөһөллөр. Ол гынан баран, үксүгэр наар­дааһын уонна сыаналааһын – уруккутун курдук, илии үлэтэ, – диэн дириэктэр кэпсээтэ.

Бииргэ көдьүүстээхтик үлэлээһин

Билигин АЛРОСА – бырамыысыланнас хампаанньаларын ортолоругар ХИФУ-ны кытары үлэлэһээччилэртэн биирдэстэрэ. Кэнники сылларга үөрэҕи бүтэрбит сүүсчэ ыччат алмаастаах хампаанньа араас тэрилтэтигэр үлэҕэ киирдэ. 1994 сыллаахха манна “Сыаналаах тимирдэри уонна таастары чочуйуу технологията” кафедра тэриллибитэ. ХИФУ физико-тиэхиньиичэс­кэй институтун бу кафедратын сэбиэдиссэйэ Варвара Дмитриева АЛРОСА хампаан­ньаны кытары 1994 сылтан, кафедра тэриллиэҕиттэн ыла бииргэ үлэлииллэрин туһунан кэпсээтэ. Устудьуоннар ал­­маас морфологиятын, ал­­маастаах сырьену наардааһыны, бриллианы сыаналааһыны, ал­­маас физикатын уонна химиятын төрүттэрин, геммологияны үөрэтэллэр.

– Биһиги үлэбит сүрүн сыала-соруга – алмаас-брил­лиант комплексыгар, ол иһигэр үөрэх хаамыытын хаачыстыбатын үрдэтэн туран, үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээһин систиэмэтин оҥоруу.

Бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, алмааһынан эргинэр Дьокуускайдааҕы тэрилтэни кытары устудьуоннары быраак­тыкаҕа бэлэмнээһин туһунан дуогабар түһэрсилиннэ. Биһиги устудьуоннарбыт быраак­тыкаларын бараллар, кэлин үлэҕэ ылыллар кыах бэрил­лиэн сөп. Холобур, быйыл биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрбит кыыс ЯПТА-ҕа алмааһы наардааччынан үлэҕэ ылылынна.

Алмааһынан эргинэр тэрилтэ идэҕэ сирдиир көрсүһүүлэри тиһигин быспакка ыытара, үлэ усулуобуйатын уонна инники кэскил туһунан кэп­сииллэрэ кэрэхсэбиллээх. Биһиги устудьуоннарбыт тус кэпсэтии кэнниттэн үлэҕэ быраактыкаларын бараллар, – диэн кэп­сээтэ.

Дьоллоох билиэт

Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумун бүтэрбит Дайаана Васильева быйыл АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киирэн, 5 разрядтаах наар­дааччынан үлэлиир.

– Алмааһынан эргинэр тэрилтэҕэ үлэҕэ быйыл атыр­дьах ыйыгар киирбитим. Техникумҥа үөрэнэ сылдьан манна быраактыкаламмытым. Уопуттаах үлэһиттэртэн талыллыбыт уһуйааччым бу эппиэтинэстээх идэ ымпыгын-чымпыгын кэпсээбитин олус сөбүлээбитим. Кэлэктиип миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, бары олус түмсүүлээхтэрэ, бэ­­йэ-бэйэлэригэр ытыктабыл­лаахтык сыһыаннаһаллара тута биллэр. Кэскиллээх тэрилтэҕэ үлэҕэ ылыллыы – миэхэ улахан табыллыы. Кыралаан хампаанньа структуратын, корпоративнай тосхоллорун билсэбин. Ону таһынан мин үлэҕэ киирэрбэр АЛРОСА социальнай бэлии­тикэтинэн, бэйэтин үлэһиттэрин өйүүрүнэн уонна элбэх чэпчэтиилээх бырагыраамалааҕынан кэрэхсэппитэ. Мин алмааһы хостуур тэрилтэҕэ үлэҕэ кэлэн, дьоллоох билиэти тардан ылбыппын дии саныыбын.

«Манна бэйэҕин көрдөрөргө элбэх кыах бэриллэр”

– АЛРОСА туһунан билбэт Саха сирин олохтооҕо суох. Ол иһин ЯПТА үлэһиттэрин кытары бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыратык долгуйбуттара: арай инникитин кинилэргэ үлэлиэхтээх дьоҥҥо ирдэбиллэрэ олус улахан буоллун? Ол гынан баран, үтүө санааларыттан, ыллыктаах уонна чопчу этиилэриттэн биһиги олус үөрдүбүт, – диэн 3-с куурус устудьуонката, «Технология художественной обработки материалов» хайысха технолога буолуох­таах Лилияна Степанова кэпсээтэ. – Мин санаабар, кыргыттар сыаналаах таастары сөбүлүүллэр, онтон бриллианнар диэн чыпчаалтан чыпчаал буоллаҕа. Мин бэйэм эмиэ итинник саныыбын. Ол иһин, өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сыана­лаах таастары билэр куһаҕана суох буолуо этэ диэн санааттан бу идэбин талбытым. Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас техникумугар үөрэнэ киирэн, биир сыл иһигэр кырыылааччы идэтин баһылаабытым. «WorldSkills» куонкуруска кыттыбытым. Мин үөрэхпин олус сөбүлээбитим, ол иһин үрдүк үөрэхтэнэр уонна сыаналаах таастар эйгэлэрин өссө үчүгэйдик билэр туһугар ХИФУ-га киирбитим. Биллэн турар, ЯПТА туһунан истибиппит, ол гынан баран, бу тэрилтэҕэ быраактыкаланыахха сөбүн билбэт этибит. Бүгүҥҥү көрсүһүү миигин өссө күүскэ көҕүлээтэ. Тэрилтэ салалтата кинилэр үлэлэрин уратытын сиһилии кэпсээтэ. Хампаанна эдэр исписэлиистэри кэрэхсиириттэн олус үөрдүм. Манна бэйэҕин сайыннарарга, кыаххын кэҥэтэргэ уонна үлэҕэ үрдүүргэ элбэх кыах бэриллэр эбит. Мин бу бөдөҥ хампаанньаҕа үлэлиэхпин урут да баҕарар этим, оттон билигин сөпкө баҕарбыппын бигэргэтэбин. Хампаанньа идэни талыыга сирдиир көрсүһүүлэрин иһин улахан махтал. Маннык көрсүһүүлэр чахчы да ситиһиилээхтик үөрэнэргэ уонна инниҥ диэки баран иһэргэ көҕүлүүллэр.

Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: