Үлэ бырааһынньыгар Харбалаахха көхтөөх үлэ күөстүү оргуйда
Ыам ыйын 1 күнүгэр Таатта Харбалааҕар сынньалаҥ пааркатын эргэ күрүөтүн көтүрэн ыраастааһыҥҥа субуотуннук тэрилиннэ.
Субуотунньукка урукку сэбиэскэй кэми санатар көхтөөх үлэ ньиргийдэ. Нэһилиэк сүүһүнэн олохтооҕо тахсан, Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын таһаарыылаах үлэнэн бэлиэтээтэ.
Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ миин буһаран, үрдүттэн сылаас аһы тэрийэн, силигин ситэрдилэр. «Кэскил» уһуйаан үлэһиттэрэ 100 бырыһыан кытыннылар. Үгэс курдук, «Төлөн» ААО үлэһиттэрэ, тиэхиньикэтэ күргүөмнээх үлэ төһүү күүһүнэн буоллулар. Бэтэрээннэр да туора турбатылар, сүбэ-ама буолан, тэбис-тэҥҥэ сырыттылар, үлэлээтилэр.
Ити курдук, ырыаҕа ылламмыт Харбалаах бөһүөлэгэ тутуллубута 60 сылын көрсө араас үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр сомоҕолоһууну төрүттээн, тиһигин быспакка ыытылла тураллара олус кэрэхсэбиллээх.
Бу субуотунньукка Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун элбэх үлэһитэ көхтөөх кыттыыны ылбыта хайҕаллаах, ХОК Камаһа, суоппар Степан Охотин бөх маһы таһыыга сүрүн күүһүнэн буолла.
Валентина Кривошапкина, Таатта, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: