Үлэ дьаарбаҥката байыаннай – дьайыы кыттыылаахтарыгар

Үлэ дьаарбаҥката байыаннай – дьайыы кыттыылаахтарыгар

19.03.2024, 18:50
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан үлэ дьаарбаҥката ыытыллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ араас үлэ биэрээччиттэн 12 сайаапка киирдэ. Киин куораттааҕы үлэлээх буолуу управлениета байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бастакынан үлэҕэ ылар соруктаах үлэлиир. Ол курдук, 57 байыаннай сулууспалаахтан 21-рэ  суоппар, харабыл уонна контролер үлэтин таллылар. 50 байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэниттэн 22  киһи иитээччи, иитээччи көмөлөһөөччүтэ, методист уонна буҕаалтыр идэлэригэр араас тэрилтэлэргэ үлэ буллулар.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах үлэ дьаарбаҥката кулун тутар 21 күнүттэн сарсыарда 10 чаастан күнүс 12 чааска диэри   «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда дьиэтигэр  Ойуунускай уулуссатын 41/1 аадырыска үлэлиэҕэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: