Үлэ дьаарбаҥката бэрт тэрээһиннээхтик тэрилиннэ
Бүгүн дойду бары эрэгийиэннэригэр үлэ дьаарбаҥката ыытыллар күнүгэр Үлэ кыбартаалыгар үлэ биэрээччилэр араас идэлээх дьону кытта көрүстүлэр.
Үлэ кыбартаала кылаастарыгар киириигэ киһи кыайан ааспат массыыната тоҕо анньан турарыттан сылыктаатахха, сарсыардаттан суолталаах тэрээһиҥҥэ бэрт элбэх киһи кэлбитэ биллэр.
Дьиэ иһигэр киирбитим, ыҥырыа уйатын тарпыт курдук элбэх киһи кэлбит эбит. Үлэ биэрээччи да, үлэҕэ да наадыйааччы үгүс.
Үлэ дьаарбаҥката былырыыҥҥы курдук икки түһүмэҕинэн ыытыллар: бүгүн бастакы түһүмэх – эрэгийиэннэринэн, онтон иккис түһүмэх — бэс ыйын 28 күнүгэр буолуоҕа.
Үлэ биэрээччилэр араас хайысхаларынан арахсыбыттар – бырамыысыланнас, тутуу, тырааныспар салааларын тэҥэ эмчиттэргэ, полиция үлэһиттэригэр эмиэ наадыйаллар эбит. Ол эрээри, хомойуох иһин, Нерюнгри оройуонуттан эмчиттэри көрдүү олорор исписэлиистэр иннилэригэр турар олоппостор кураанахсыйан тураллара соһутта.
Ыйыталаһан билсибитим, быраастарга наадыйаллар эбит да, сарсыардаттан ким да чугаһаабатах. «Бары оробуочай идэлэргэ үлэ көрдүүллэр», — диэн этэллэр сэһэргэһээччилэрим.
Дьаарбаҥкаҕа Дьокуускайга 350-тан тахса тэрилтэ уонна урбаанньыттар кытталлар, кинилэр экэниэмикэ тутаах салааларынан 10 тыһыынча кэриҥэ үлэ миэстэтин туруорбуттар.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ким баҕалаах резюметын толорторо охсон баран, ханнык баҕарар үлэ биэрээччигэ бу докумуонун ууммутунан тута үлэ көрдөһөр усулуобуйата кытта олохтоммут. Мин резюме оҥорторо олорбут киһиттэн бэйэтин санаатын атастаһарыгар көрдөстүм.
Алексей Иванов «бэйэ дьыалатын тэриммит киһини бастаан утаа атаҕар турарыгар өйүүллэрэ буоллар. Саҥа үлэлээн эрдэҕинэ нолуогунан «көмөн» куттаан кэбиһэллэр, ол иһин киһи салгыы үлэлиир баҕата сүтэр» диэн санаатын эттэ. Үлэ көрдөөччү «бу тэрээһиҥҥэ биисинэс-былааны оҥорууга үөрэтиини эмиэ тэрийбиттэрэ буоллар» диэн санаатын тиэртэ.
Бастакы этээс — тэрилтэлэргэ анаммыт буоллаҕына, төрдүс этээһи ыччаттарга биэрбиттэр. Эмиэ толору киһи.
Манна киин куорат араас үөрэҕин кыһаларыттан кэлэн, устудьуоннар бэйэлэрин идэлэрин кытта билиһиннэрэ тураллар. Онон оскуола оҕолоро ханнык үөрэххэ киириэхтэрин баҕаралларыгар сирдьит буолар тэрээһин — манна.
Мин аттыбар турбут уолаттар ХИФУ Автодорожнай факультетыгар үөрэнэллэр эбит. Эдэр дьон «биһиги курдук идэлээх дьоҥҥо укуол туруоруутугар үөрэнэр наада» диэн, анаан укуоллуурга үөрэннилэр.
Онон баҕалаах киһи туохха барытыгар маастар-кылааска кыттар кыахтаах бэрт тэрээһин эбит.
Ити курдук, бүгүн Үлэ кыбартаала урбаанньыттар кылаастардара бэрт элбэх киһини түмтэ. Баҕалаах дьон үксэ үлэ булбуттара, туһалаах сүбэлэри олохторугар туһаммыттара буолуо диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: