АГАТУ иһэ дьонунан толору. Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин сийиэһин чэрчитинэн үлэни биэрээччилэр академия устудьуоннарын кытары көрүстүлэр.
Тэрээһин саҕаланыытыгар АГАТУ ректорын бастакы солбуйааччы А.Н.Нюканов, Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин Ресурсанан хааччыйыыга киинин салайааччыта Семен Плотников эҕэрдэлээтилэр. Семен Николаевич устудьуоннарга ханнык хаһаайыстыбаларга исписэлиистэр наадаларын туһунан билиһиннэрдэ. Онно көстөрүнэн, зоотехниктарга наадыйыы улааппыт. Өссө 18 экэнэмиис тиийбэт эбит. «Сибирь» эҥин курдук хаһаайыстыбалар бэтэринээрдэргэ наадыйаллар. Үөрэҕи бүтэрээччилэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин исписэлиистэрэ аахсар хамнастарын интэриэһиргээтилэр. Ону тэҥэ, кини үлэҕэ ылыы ирдэбиллэрин билиһиннэрдэ. Үлэ көрдүүргэ сайаапканы хайдах биэрэри сиһилии быһаарда.
Итинник сиһилии билиһиннэрии кэнниттэн, үлэ дьаарбаҥката буолуоҕа. Онуоха тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин салайааччылара, каадыры кытта үлэҕэ исписэлиистэрэ устудьуоннары кытта кэпсэтэргэ бэлэмнэр.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…