Үлэ Дьоруойа: “Быыбарга күргүөмүнэн көхтөөхтүк кэлэн кыттыҥ”
16.03.2024, 12:29
Хаартыска: "Биир Ньыгыл Арассыыйа" пресс сулууспатыттан.
Бөлөххө киир:
Сунтаар улууһун Кириэстээх аатырбыт ыанньыксыта, Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов бэҕэһээ лоп курдук сарсыарда 8 чааска бастакынан баран куоластаабыт.
“Бэҕэһээ сарсыарда 8 чааска баран быыбардаабытым. Кириэстээх нэһилиэгэр бэҕэһээҥҥи туругунан быһа холуйан 500-тэн тахса быыбардааччы баар. Бэҕэһээҥҥи туругунан 45 % куоластаата дииллэр. Билигин даҕаны дьон кэлэ турар.
Быыбардыы илик дьон инники кэскилбит, сайдыыбыт туһугар күргүөмүнэн тиийэн бэйэлэрин куоластарын биэрэллэригэр ыҥырабын. Бүгүн-сарсын эрэ күн хаалла”, — диэн аатырбыт ыанньыксыт Владимир Африканович Саха сирин олохтоохторугар этэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: