Үлэ Дьоруойа Екатерина Новгородова күн сириттэн туораата

Үлэ Дьоруойа Екатерина Новгородова күн сириттэн туораата

Ааптар:
26.02.2024, 12:40
Дмитрий Тихонов телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, олунньу 25 күнүгэр, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин түөрт төгүллээх дьокутаата, «Ленин», «Үлэ Кыһыл Знамята», «Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ» уордьаннар кавалердара, Арассыыйа үтүөлээх агронома, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Иннокентьевна Новгородова 95 сааһыгар сылдьан уһун, ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитин туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрэр.

Улуус баһылыга Екатерина Иннокентьевна дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас аймах-билэ дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэр.

Екатерина Иннокентьевна оҕо сааһа олус ыарахан сут-кураан, өлүү-сүтүү сэрии ыар кэмнэригэр түбэһэн, улахан дьону кытта тэҥҥэ Улуу Кыайыыны уһансарга холкуоска буһа-хата үлэлээбитэ.

1948 сыллаахтан Кытаанах нэһилиэгин сүбэтин сэкирэтээринэн, оройуон сэбиэтин устурууктарынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин таба көрөннөр үөрэттэрэ ыыталлар.

1955 сыллаахха агроном идэтин баһылаан, дойдутугар Чурапчыга холкуос биригэдьииринэн, 1957 сыллаахха кэргэн тахсан Мэҥэ Хаҥаласка көһөн кэлэн агрономунан үлэлээн, Үлэ Дьоруойуттан Гавриил Самсоновтан оҕуруотчут идэтигэр уһаарыллан, 1961 сыллаахтан Хаптаҕайга Ленин аатынан сопхуос оҕуруот аһын үүннэрэр биригээдэ биригэдьииринэн ананар.

Олоҕун тухары үлэни өрө тутан, ыарахантан чаҕыйбакка, тыйыс килиимэттээх Сахабыт сиригэр оҕуруот аһын хотуулаахтык үүннэрэн үрдүк көрдөрүүнү ылбыта.

ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1973 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи ыйааҕынан Екатерина Новгородоваҕа Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: