Салгыы
Үлэ-иис – барыта Кыайыы туһугар!

Үлэ-иис – барыта Кыайыы туһугар!

20.07.2024, 13:00
Хаартыскаларга Туйаара Мордосова уонна ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэни быһа Дьокуускай куорат «Кыайыы 50 сыла» успуорт уораҕайыгар «Үлэ-иис күрэҕэ» диэн ааттаах  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар байыаннай таҥаһы тигиигэ IV өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэһии буолан ааста.

Үс күн тура тэбинэн уон хамаанда Дьокуускай куораттан, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Орто Халыма, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы Булуҥ улуустарыттан 12 араас суол таҥаһы тиктилэр. Бу тэрээһини хара маҥнайгыттан Ирина Саввина салайааччылаах «Илии сылааһа» хамсаа­һын тэрийэр. Бастакы үс күрэс­тэһии бэйэлэрин күүстэринэн ыытыллыбыт буолан, биллибэккэ-көстүбэккэ ааспыта.

Хаартыскаларга Туйаара Мордосова уонна ааптар түһэриилэрэ

Бу сырыыга «Илии сылаа­һа» хамсааһын кэҥээн, тэни­йэн, далааһына улаатан, тэрээһиҥҥэ эппиэтинэс­тээх тэрилтэлэр син кыттыспыттарын бэлиэтиэххэ наада.  Дьиҥэ, эрдэттэн даҕаны баҕа өттүлэринэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар таҥас тигэ сылдьар волонтердары өйүүр, үлэлэрин сыаналыыр сөптөөх этэ. Ол да буоллар, волонтер иистэнньэҥнэр баҕаларын күүһүнэн, илиилэрин сылаа­һын иҥэрэн тикпит таҥастарын байыаннай дьайыыт­тан уоппускаҕа кэлэр-барар уолаттар хамаҕатык ылан бараллар. Күрэхтэһии кэмигэр иистэнньэҥнэр «Эр хоһуун» 70 байыан­най таҥас кэмпилиэгин тиктилэр.

Бастыҥнар ааттаннылар

Дьиҥинэн ыллахха, манна хотторбут диэн суох, бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах, өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан бардылар. Онуоха иистэнньэҥнэр күрэстэригэр кыттыбыт хамаандаларга барыларыгар улуустарын салалталара, дьокутааттара кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ тэрээһини өссө үрдүк таһымнаата.

Тэрээһин түмүгүнэн 8 киһи Ил Түмэн Махтал су­рук­тарынан, 8 кыттааччы «Байыаннай дьайыы кыттыы­лаахтарыгар көмөнү оҥоруу иһин» түөскэ кэтэр мэтээ­линэн наҕараадалан­нылар. Биирдиилээн бас­тыҥ көрдөрүүлээхтэр: 1 м – Надежда Поисеева, 2 м – Ирина Афанасьева уонна «Бастыҥ закройщица» гран-при кыайыылааҕынан Надежда Ахматова буоллулар. Итини таһынан биирдиилээн араас номинацияларынан наҕараадалар туттарылыннылар.

Үс күннээх үлэ түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан, гран-при хаһаайынынан Кэбээйи улууһун хамаандата буолла. Бу хамаандаҕа иистэнньэҥнэр Кэбээйи, Мукучу, Куокуй сэлиэнньэлэриттэн хомуллан кэлэн кытыннылар. Иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһуттан «Сатабыл» хамаан­дата, үһүскэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Хотун Төҥүлү» хамаандалара таҕыстылар.

Саха сатаабатаҕа – суох

«Үлэ-иис күрэҕэ» байыаннай таҥаһы тигэр иистэнньэҥнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин тэрийээччи, эспиэр­тиир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Ирина Саввина күрэс туһунан санаатын үллэһиннэ:

«Илии сылааһа» иистэнэр сыахпыт тэриллибитэ алтынньыга иккис сылын туолуо. Ол былаһын тухары 3200-тэн тахса байыас быйыл биһиги сыахпыт иһиттэн таҥнан барда. Ол биир эрэ устуука таҥас буолбакка, сыалай «Эр хоһуун» диэн 12 араас таҥас киирэр кэмпилиэгэ буолар. Биһиги тигэр таҥаспытын сыанатыгар таһаардахха, 65 мөл. солк. тэҥнэһэр, ол аата итиччэ суумалаах таҥаһы оҕолорбутугар таҥыннаран ыыппыт эбиппит. Билигин даҕаны биһиги кэҥиибит, тэнийэбит. Саха сатаабатаҕа – суох. Бу волонтер иистэнньэҥнэр үгүстэрэ хаһан даҕаны иистэммэтэх дьон, ол эрээри кыа­йыы иһин, уолаттарбытыгар көмөҕө диэн сатаабаттарын даҕаны сатыыр буоллулар. Өссө да айыахпыт-тутуох­пут, тигиэх­пит, илиибит сылаа­һынан тикпит таҥастарбыт уолаттарбытыгар куйах, хахха буолуо диэн эрэнэбит.   Биһиги бу күрэхтэһиибит үрдүк таһымнаахтык ааста. Маҥнайгы күрэхтэһиибит Таатта улууһун Дьохсоҕонугар ыытыллыбыта. Оччолорго саҥа тигэн эрэр дьон киирсибит буоллахтарына, билигин таһымнара үрдээтэ. Иккис уонна үһүс күрэхтэһиилэрбит онлайн буолбуттара. Бу сырыыга сирэй көрсөн олорон иистэнэр хайдах эбитий диэн боруобалаан көрдүбүт. Үс күннээх дьүккүөрдээх киирсии ааста. Мин махтанабын, сахам далбар хотуттарыгар! Эһиги, биһиги баарбыт тухары илиибит сылааһынан байыастарбытыгар көмө буола туруохпут».

Кэбээйилэр бастыҥнар

Үс күннээх дьүккүөрдээх киирсии түмүгүнэн Кэбээйи улууһун хамаандата кыайыы­лаҕынан тахсан үөрүүлэрэ үксээ­тэ. Кэбээйи улууһун хамаан­датын хапытаана Наталья Иванова үлэтин туһунан кэпсиир.

«Мукучуттан сылдьабыт, филиалбыт тэриллибитэ быйыл атырдьах ыйын ортотугар сыла буолар. Баһылыкпыт дьиэ-уот булан биэрэн уонна иистэнэр массыыналары атыылаһарбытыгар улаханнык көмөлөстө. «Илии сылааһа» хамсааһын тугу ыытарынан Кэбээйигэ, Мукучуга уонна Куокуйга тигэ, байыаннай дьайыыга бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэ олоробут. Быйыл кыһын Арассыыйа гранын ыламмыт, иистэнэр массыыналары атыыласпыппыт. Бу кыһын байыаннай дьайыыга сылдьар уон уолбутугар таҥас тигэн ыыппыппыт. Соторутааҕыта эмиэ икки уол уоппускаҕа кэлэ сылдьан «Эр хоһуун» кэмпи­лиэкпитин ылан барбыттара. Өссө даҕаны тигэн уоппускаҕа кэлэр уолаттарбытыгар бэлэмниэхпит. Бастакы күн кыттаач­чылары кытары билсэ сылдьан, билэ-көрө сатаан олорон хаалбыппыт. Иккис күммүтүттэн син ылсан барбыппыт, үһүс күммүтүгэр түһүммүппүт. Бу күрэстэһиигэ соһуччу кыайбыппытыттан олус үөрдүбүт», — диэн хапытаан кэпсээтэ.

Күрэхтэһиигэ кинилэр хамаандалара Мукучуттан биэс, Кэбээйиттэн түөрт, Куокуйтан икки буолан хомуллан кэлбиттэр. Аан бастаан кыттар буоламмыт, билбэппит элбэх, ол да буоллар, кыайыы­лаах тахсаммыт тигэр массыынанан уонна оверлогунан наҕараа­даланныбыт дэһэллэр. Бириистэрин үллэстибиттэр, тигэрин мукучулар ылбыттар, оверлогун Кэбээйилэргэ биэрбиттэр. Оттон саҥа тэриллэн эрэр куокуйдарга баһылык көмөлөһүөх буолбут. Волонтер иистэнньэҥнэр олус сэргэх тэрээһиҥҥэ сылдьан, элбэҕи биллибит-көрдүбүт, үөрэннибит дэһэллэр, аны дойдуларыгар тиийэн салгыы күүстээх үлэ үөһүгэр түһүнүөхтэрэ турдаҕа.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: