«Yлэ, иис күрэҕэ» волонтер ийэлэри түмтэ
Бүгүн үс күннээх IV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Yлэ, иис күрэҕэ» иистэнньэҥ ийэлэр уонна волонтердар күрэстэрэ түмүктэнэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга бастыҥнары чиэстээтилэр.
Дьиҥинэн ыллахха, манна хотторбут диэн суох, бары илии тутуурданнылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар. Онуоха иистэнньэҥнэр күрэстэригэр кыттыбыт хамаандаларга барыларыгар улуустарын салалталара, дьокутааттара кэлэн эҕэрдэлээн тэрээһини өссө үрдүк таһымнаата.
Санатан эттэххэ, бу күрэхтэһиигэ Саха сирин уон улууһуттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар таҥас-сап тигэр иистэнньэҥнэр кэлэн, бэйэлэрин сатабылларын, маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.Үс күн устата «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар Дьокуускайтан «Сахабулт», Чурапчы улууһуттан «Сатабыл», Кэбээйи улууһуттан, Таатта улууһуттан «Харыстаана», Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Хотун Төҥүлү», Орто Халыматтан «Халыма», Булуҥ, Дьааҥы, Усуйаана, Кэбээйи, Муома улуустарыттан хомуур хамаандалар кэлэн кытыннылар. Тэрээһин түмүгүнэн 8 киһи Ил Түмэн Махтал суруктарынан, 8 кыттааччы «За оказание помощи участникам СВО» түөскэ кэтэр мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Биирдиилээн бастыҥ көрдөрүүлээхтэр: 1 м — Надежда Поисеева, 2 м — Ирина Афанасьева уонна «Бастыҥ закройщица» гран-при кыайыылааҕынан Надежда Ахматова буоллулар.
Итини таһынан биирдиилээн араас номинацияларынан наҕараадалар туттарылыннылар.
Оттон бу күннээх үлэ түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан, Гран-при хаһаайынынан Кэбээйи улууһун хамаандата буолла. Бу хамаандаҕа иистэнньэҥнэр Кэбээйи, Мукучу, Куокуй сэлиэнньэлэриттэн хомуллан кэлэн кытыннылар. Иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһуттан «Сатабыл» хамаандата, үһүскэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Хотун Төҥүлү» хамаандалара таҕыстылар.
Бу «Үлэ, иис күрэҕэ» байыаннай таҥаһы тигэр иистэнньэҥнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин тэрийээччи, экспертнэй хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Ирина Саввина күрэс туһунан кэпсиир:
— «Илии сылааһа» иистэнэр сыахпыт тэриллибитэ алтынньыга үс сылын туолуо. Ол былаһын тухары 3200-н тахса оҕо биһиги сыахпыт иһиттэн таҥнан барда. Ол биир эрэ устуука таҥас буолбакка, сыалай Эр хоһуун диэн комплект буолар. Биһиги тигэр таҥаспытын сыанатыгар таһаардахха, 65 мөл. солк. таҥаһы оҕолорбутугар таҥыннаран ыыппыт эбиппит. Билигин даҕаны биһиги кэҥиибит, тэнийэбит. Саха сатаабатаҕа суох. Биһиги бу күрэхтэһиибит үрдүк таһымнаахтык ааста. Маҥнайгы күрэхтэһиибит Таатта улууһун Дьохсоҕонугар ааспыта. Оччолорго саҥа тигэн эрэр дьон киирсибит буоллахтарына, билигин таһымнара үрдээн турар. Иккис уонна үһүс күрэхтэһиилэрбит онлайн буолбуттара. Бу сырыыга сирэй көрсөн олорон иистэнэр хайдах эбитий диэн боруобалаан көрдүбүт. Үс күннээх дьүккүөрдээх киирсии буолла. Махтанабын, сахам далбар хотуттарыгар! Эһиги, биһиги баарбыт тухары илиибит сылааһынан оҕолорбутугар көмө буола туруохпут, — диэтэ Ирина Саввина.
Хаартыскаларга Туйаара Мордосова, Сайаана Львова түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: