«Үлэ-иис күрэх» кыттыылаахтара иннигит диэки тэтимнээхтик дьулуһуҥ
Дьокуускайга от ыйын 8-11 күннэригэр «Илии сылааһа» хамсааһын салайааччыта Ирина Саввина көҕүлээһининэн байыаннай таҥас тигиитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үлэ-иис күрэҕэ» тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһин аһыллыытыгар СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков кытынна.
Күрэх салайааччыта Ирина Саввина бу күрэхтэһии нэһилиэнньэ дойдуга бэриниилээх буолуутун күүһүрдэр, байыастары өйүүр, уопсастыбаннай дьыалаҕа дьон кыттыытын көҕүлүүр сыаллаах-соруктаах ыытылларын, байыаннай кэмпилиэктэри тигии ирдэбилин иһитиннэрбитэ. Күрэхтэһии Дьокуускай куорат «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар саҕаламмыта. 10 улуустан уоннуу киһилээх хамаандалар кэлбиттэрэ.
— Кэбээйи улууһуттан Терехова Кландра Андреевна салайааччылаах Мукучуттан (сал. Наталья Иванова), Куокуйтан (сал. Татьяна Еремеева) иистэнньэҥнэр кытынныбыт. Кинилэргэ «Илии сылааһа» хамсааһыҥҥа баар биир дойдулаахпыт Антонина Сметанина кураторынан буолла.
Сайыҥҥы түбүктээх үлэни-хамнаһы, ыарахан суолу-ииһи аахсыбакка биһиги иистэнньэҥнэрбит хамаанда туруоран кытта сылдьалларыттан үөрэбит. Аҥардас баран кытталлара, улууспут аатын ааттаталлара олус үчүгэй. Кэбээйи улууһун хамаандатыгар ис туруктара холку, тарбахтарын хамсааһына имигэс, тутуулара хаачыстыбалаах, бэйэлэрэ түмсүүлээх буолалларыгар баҕарабыт! Иннигит диэки тэтимнээхтик дьулуһуҥ!
Ираида Софронеева, Кэбээйи улууһа, Куокуй нэһилиэгэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: