Салгыы
«Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына Роман Туприн Ил Дархаҥҥа махтанар 

«Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына Роман Туприн Ил Дархаҥҥа махтанар 

05.05.2023, 19:00
Роман Туприн хаартысканы ыытта.
Бөлөххө киир:

Быйыл кыһын “Үлэ Дьоруойа Илья Спиридонов аатынан табаны иитэр-бултуур тэрилтэ” МУП туһунан “Хайдах олороҕут, Үрүҥ Хайа табаһыттара?” диэн төбөлөөх ыстатыйаны “Саха сирэ” хаһыакка уонна саайтка таһаарбыппыт. Онно МУП дириэктэрэ Роман Туприн хаһаайыстыба ситиһиилэрин, кыстык хаамыытын, көрсөр кыһалҕаларын, туруорсууларын  туһунан сиһилии кэпсээбитэ.

Бүгүн  Үлэ дьоруойун аатын сүгэр хаһаайыстыба дириэктэрэ бэйэтэ эмиэ Үлэ сылыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын “Үлэ киһитэ” бириэмийэтин тутта. Кини Саха сирин 50 бастыҥ үлэһитин ахсааныгар киирдэ.

Роман Дмитриевич түгэнинэн туһанан кыһыннары-сайыннары тиэйиигэ көмөлөһөр “Анаабыр алмаастара” хампаанньа генеральнай дириэктэригэр П.Маринычевка, улуус баһылыгар Э.Павловка махтанар.

Быйыл олус тыаллаах кыстык ааста. Таба айылҕа оҕото буолан, онно олус оҕустарар. Таба иитиитэ өр үлэлээбит табаһыттартан, биригэдьиирдэртэн олус тутулуктаах. Быйыл сайын хайдах күн-дьыл туруон сабаҕалыырга уустук. Итинник күн-дьыл үөйбэтэх-ахтыбатах түгэннэригэр үчүгэй биригэдьиир табалар сайылыыр маршруттарын уларытан биэрэр.  Хата, Сэбиэскэй кэмнээҕи уопуту туһанан   эбии аһатан, быыһанныбыт. Биһиги 2019 сылтан комбикорму бэйэбит атыылаһабыт. Хаһаайыстыба ороскуотун бэйэтэ уйунар. Урут Сойуус саҕана Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тиэйиини төлүүр этэ.  Уматык сыаната Арктикаҕа олус үрдүгүн бэлиэтиэм этэ  — 116 солкуобай. “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ бэнсиин сыанатын чэпчэтэригэр баҕарабыт.

Түгэнинэн туһанан,  өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Николаевка “Үлэ киһитэ” бириэмийэни олохтообутун иһин махтанабын. Маннык бириэмийэ хайа да эрэгийиэҥҥэ суох. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев саҕана  тыа хаһаайыстыбатын үлэһит дьонун чиэстииллэрэ. Дьиҥэ, тыа сириттэн, тыа дьонуттан үлэ тахсар буоллаҕа. Кэлтэйдии бырамыысыланнас эрэ диэки хайыһары итэҕэс дии саныыбын. Мин үлэм хайысхатынан табалаах эрэгийиэннэргэ элбэхтик  сылдьыбытым. Сорох эрэгийиэннэргэ чуум үлэһитигэр хамнас төлөөбөттөр. Саха сиригэр эрэ маннык хамнас баар.  Улуус, өрөспүүбүлүкэ табаны иитиигэ туһуламмыт үчүгэй ис хоһоонноох бырагыраамалара салгыы үлэлииригэр баҕа санаатын тириэрдэбин, — диэтэ бириэмийэ лауреата Роман Туприн.

Хаартыска: Р.Туприн тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: