«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары тутуу салҕанар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут «Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары хомуйуу салҕанар. Бу бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ сыл аайы 300 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ туттарыллар.

Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ

Кулун тутар 1 күнүгэр диэри тэрилтэлэр тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ сайаапкалары түһэриэхтээхтэр. Оттон урбаанньыттар Урбаан, атыы-эргиэн, туризм министиэристибэтигэр түһэриэхтэрин сөп.

Мминистиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр киирбит сайаапкалартан бастыҥнары талан, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр кулун тутар 10 күнүгэр диэри тиэрдэллэр. Үһүс түһүмэххэ анал хамыыһыйа үлэлээн, кыайыылаахтары быһаарар.

Бу бириэмийэни Саха сиригэр бастайааннай олорор дьон, саастарыттан уонна ыстаастарыттан тутулуга суох, ылар кыахтаахтар. Сүрүн ирдэбилинэн, үлэһит сыл түмүгүнэн  үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх, айымньылаах көрүүлээх, идиэйэлээх, саҥаны киллэриилээх, уопуттаах, эдэр исписэлиистэргэ настаабынньык быһыытынан көмөлөһөр буолуохтаах.

Ил Дархан бириэмийэтэ уопсастыба үлэһит дьону чиэстииригэр, үлэҕэ, үлэ дьонугар ытыктабыллаах сыһыаны олохтууругар туһуланар. Бириэмийэ үбэ-харчыта «Социальная поддержка граждан в Республике Саха (Якутия)» бырагырааманан көрүллэр. Бириэмийэҕэ бастыҥ үлэһиттэри ханнык баҕарар тэрилтэ кэлэктиибэ түһэрэр кыахтаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago