Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ
2025 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри «Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы салҕанар. Бу туһунан Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бириэмийэҕэ Саха сиригэр олорор, үлэлиир дьон түһэриллэллэр. Сааһыгар, ыстааһыгар ирдэбил суох. Сайаапкалары салайааччыларга, кинилэр солбуйааччыларыгар түһэрбэттэр, арай, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччыларын түһэриэххэ сөп.
Бастыҥ үлэһиттэрин бириэмийэҕэ ханнык баҕарар тэрилтэ үлэ кэлэктиибэ түһэрэр.
Кулун тутар 1 күнүгэр диэри сайаапканы сыһыаннаах министиэристибэҕэ, биэдэмистибэҕэ ыытыллар. Урбаанньыттар, чааһынай тэрилтэлэр сайаапканы урбаан, туризм министиэристибэтигэр ыытыахтарын сөп. Ол кэнниттэн иккис түһүмэххэ министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр киирбит сайаапкалары көрөн, кулун тутар 20 күнүгэр диэри бастыҥнары талан баран, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр ыыталлар.
Үһүс түһүмэххэ бырабыыталыстыба анал хамыыһыйата киирбит сайаапкалартан «Үлэ киһитэ» бириэмийэ кыайыылаахтарын талар.
Бириэмийэни туттарыы ыам ыйын 1 күнүгэр — Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолуоҕа. 50 бастыҥ үлэһиккэ Ил Дархан бириэмийэтэ — 300 тыһыынча солкуобай туттарыллыаҕа.
Бу ураты каарта оҕолорго төрөөбүт дойдуларын дириҥник өйдүүргэ уонна умнуллубат өйдөбүллэри бэлэхтиэҕэ. Манна Саха сирин…
Соторутааҕыта Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин 35 сылыгар аналлаах тэрээһин Уһук Илин бастыҥ баһаарынайдарын түмтэ. Бу туһунан…
От ыйын 3 күнүттэн 5 күнүгэр диэри Нерюнгрига өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан сибээстээн, арыгыны атыылааһыҥҥа…
От ыйын 4-8 күннэригэр Дьокуускайдааҕы VIII норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Быйылгы бэстибээл сүрүн…
Бүгүн Мииринэй оройуонугар баар «Саха сирин тыыннаах алмаастара» пааркаҕа («Живые алмазы Якутии») пааркаттан үөрүүлээх сонун…
Өлүөхүмэҕэ саҥа оҕо поликлиникатын үөрүүлээхтик астылар. Урут поликлиника 1980-с сыллардааҕы дьиэҕэ баар эбит. Билигин тэрилтэҕэ…