Салгыы
«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ табаһыт Роман Туприн киирдэ

«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ табаһыт Роман Туприн киирдэ

19.04.2023, 15:37
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Муус устар 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ “Үлэ киһитэ” диэн бириэмийэҕэ номинаннары биллэрдилэр. Манна араас идэлээх, араас саастаах дьон киирдилэр.

Хаартыска: СИА.

Анаабыр улууһугар Социалистическай үлэ Дьоруойа Илья Спиридонов аатынан таба иитэр хаһаайыстыба табаһыта, 28 сыл уопуттаах Роман Туприны эмиэ киллэрдилэр.

Роман Туприн бу тэрилтэни 2019 сылтан салайар, аан бастаан 1991 сыллаахха үлэлии кэлбитэ. Бу хаһаайыстыба 14 тыһыынча табалаах, өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай бөдөҥнөрө. Роман Туприн 95 киһини, ол иһигэр 76 табаһыты (22 эдэр табаһыты) салайан үлэлэтэр диэн СИА суруйар.

Уопуттаах табаһыт салалтатынан хаһаайыстыба үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ, туоруруммут сыалларын ситиһэр. 2019 сыллаахха тэрилтэ Саха сирин агробырамыысыланнай комплекс тэрилтэлэригэр ыыппыт куонкуруһугар “Бастыҥ табаны иитэр хаһаайыстыба” ааты ылбыта.

Кини салалтатынан хаһаайыстыбаҕа табаны өлөрөр сыах, тириини таҥастыыр, тигэр мастарыскыай тэриллибиттэрэ, ыстаадалары спутник сибээһинэн хааччыйбыттара.

Бастыҥ үлэһит дьону Дьокуускайга муус устар 28 күнүгэр чиэстиэхтэрэ. Бириэмийэ кыайыылаахтарыгар 300-түү тыһыынча солкуобайы туттарыахтара. Бу бириэмийэни Үлэ сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев олохтообута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: