«Үлэ киһитэ» бириэмийэни 50 киһи ылыаҕа
Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ таҕыста. «Үлэ киһитэ» бириэмийэ кэлин салҕаныа дуо?» — диэн ыйытыыга Ил Дархан маннык хоруйдаата:
— Үлэ сылынан «Үлэ киһитэ» бириэмийэ туһунан ыйаахха илии баттаабытым. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит араас хайысхаларыгар үлэлиир 50 киһи бу наҕараадаҕа тиксиэҕэ. Бэлиэтээн эттэххэ, 50 киһи 300-түү тыһыынча солкуобайынан бириэмийэлэниэҕэ: 29 бириэмийэ бырамыысыланнас, 21 бириэмийэ социальнай хайысхаҕа үлэлиир дьоҥҥо. Бу дьон иһигэр дуоһунастаах, тэрилтэ салайааччылара эҥин суохтар. Кинилэр — сыбаарсыктар, экскаваторщиктар, быһата, үлэ дьоно буолаллар. Бу дьон баар буолан үлэ күөстүү оргуйар, өрөспүүбүлүкэ сайдар.
Оттон биһиги Сахабыт сирин усулуобуйатыгар киһи үлэлээбэккэ олорор кыаҕа суох. Бириэмийэни өйүүн, муус устар 28 күнүгэр туттарыаҕым. Бириэмийэни салгыыр баҕа баар. Ол туһунан өссө сүбэлэһиэхпит. Маннык дьыалаҕа харчыны харыһыйар наадата суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: