Үлэ киһитэ: Оператор үлэтэ болҕомтону эрэйэр

Share

Петр Попов Чурапчытааҕы ОДьКХ гаас хочуолунайын операторынан 30-ча сыл үлэлиир.

– 1995 сылтан тохтоло суох үлэлээн кэллим. Бастаан үлэҕэ киирэрбэр элиэктиригинэн саҕалаабытым. Онтон тэрилтэм газооператор идэтигэр үөрэттэрбитэ. Түөрт  симиэ­нэнэн төрдүө буолан үлэлиибит. Барыта – автоматика. Омос көрдөххө, кунуопканы баттыыр холку үлэ курдук. Кырдьык, ыраас эрээри, гааһы кытта үлэлиир буолан, эппиэтинэстээх. Гаас – чоҕу оттуу буолбатах, онон улахан болҕомтону эрэйэр. Прибордары кэтээн көрөбүт. Тыаһа-ууһа улахана сүрдээх. “Операторскай” дэнэр хос­тоохпут, онно тула өттө түннүк буолан, тэрилтэбит иһин-таһын көрө олоробут. Элбэх социальнай тэрилтэни итиинэн хааччыйыы: улуустааҕы дьаһалта, биэнсийэ пуондата, уһуйаан, балыыһа, бибилэтиэкэ, эргиэн киинэ, полиция дьиэтэ, икки – 2, биир – 3, икки 5 мэндиэмэннээх уонна 60-тахса кэтэх дьиэ – барыта биһиги эппиэтинэспитигэр, – диэн кэпсиир  Петр Попов.

… Кэпсэтэр кэммэр тыас-уус быыһыгар, төлөпүөн нөҥүө да буоллар, сэһэргэһээччим үлэлиир сирин харахпар ойуулаан көрбүтүм. 12 чаас буола-буола оператордар симиэ­нэлэрин солбуйсан биэрэллэр эбит. Эппиэтинэстээх үлэлээх киһи кылгас­тык кэпсэтээт, үлэтигэр тиэтэйбитэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

38 минут ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

2 часа ago