Хаартысканы Тускулаана Горохова-Кобельянова тиксэрдэ.
Быйыл Ил Дархан «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса Иванова — бэтэринээр.
17 саастаах Уйгу ынах барахсан айылҕаҕа икки игирэ оҕону төрөтөн нэһиилэ быыһаммыт. Оҕотун хаата иһигэр хаалан, дьиэтигэр тимир көлөнөн тиэллэн киирэн, бэтэринээр көмөтүнэн быыһанна. Ый кэриҥэ күн аайы укуол, массаас, ыраастааһын көмөтүнэн бэтэрээ кэлэн, ынах сайылыкка тахсаары сылдьар.
Элгээйи, Хоро, Тириэтэй, Атыыр Күөлүн кыылын-харамайын түөрт бэтэринээр көрөр-истэр. Раиса Иванова 45 сыл устата кыыл арааһын эмтээн, өлөр өлүүттэн быыһаан эҥкилэ суох үлэтин бэлиэтээн, быйыл «Үлэ киһитэ» үрдүк ааты ылла. Бэтэринээр кыргыттар төгүрүк сыл хамсыыр харамайдары араастан эмтииллэр, сиэмэлииллэр, чэбдигирдэр туһуттан бары ньыманы туһаналлар.
Кыргыттар аҕыйах сыллааҕыта диэри өһүөтэ сууллуох айылаах эргэ дьиэҕэ олорбуттара. Раиса күүскэ туруорсан, үс сыллааҕыта дьаһалталар көмөлөрүнэн, норуот күүһүнэн үлэ саҥа дьиэтэ дьэндэйбитэ.
«Дьуоҕалаах» пиэрмэ олус элбэх киһиэхэ күндү. Манна үлэлээбиттэри үйэтитэн, үлэ киһитэ тулаһа кытта туттарбыта. Бу манна «Дьуоҕалаахха» үлэлээбит бары дьон үйэтитиллэн ааттара көмүс буукубаларынан суруллан тураллар. Сайын буолла да тулаһа күөҕүнэн, сибэккинэн симэнэр.
Раиса — бастыҥ уопсастыбанньык, билигин кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, «Дьүһүйүү» фольклорнай ансаамбыл кыттыылааҕа. Сунтаарга Ил Дархан бириэмийэтин ситиспит кини төрдүс киһинэн буолар.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…