Үлэ киһитэ: Удьуор табаһыт
Быйыл «Үлэ киһитэ» бириэмийэни муус устар 30 күнүгэр туттарыахтара. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэни Үлэ сылыгар олохтообута. Бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ 300 тыһыынча солк. бириэмийэ туттарыллыбыта.
Нерюнгри оройуонун Иенгра нэһилиэгин эдэр табаһыта Игорь Колесов идэтинэн үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис.
Удьуор табаһыт олох кыра сааһыттан дьонун кытта ыстаадаҕа сылдьыбыт буолан, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн да баран, атын үлэни көрдүү барбакка, дойдутугар Иенграҕа төннүбүтэ.
– Биһиги дьиэ кэргэн кэтэх табабыт 500 төбө. «Олдое» (Рыбное) аҕа ууһун общинатын табаларын эбээлээх эһээм көрөн олорбуттара. Кинилэр ыалдьан хаалан, табаларбытын көрөр киһи суох буолан, хаһаайыстыбаны бэйэм илиибэр ылбытым. Аҕам уонна убайым “Иенгра” МУП-ка үлэлииллэр. Эдэр табаһыт быһыытынан араас ис хоһоонноох дойду таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттабын. Кыраныысса таһыгар кытта үлэ уопутун атастаһыыга сылдьыбытым. Саха сирин табаһыттарын олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, күннээҕи түбүктэрин, табаһыттар туттар тэриллэрин, астыыр астарбытын кытта билиһиннэрэбин. Ол курдук, 2016 сыллаахха Норвегия Каутокейно куоратыгар Арктика төрүт олохтоох норуоттарын айылҕа уларыйыыларыгар сыһыаннаах (курсы по значению биоразнообразия для коренных народов Арктики) куурустарга, 2017 сыллаахха Канаадаҕа Арктика норуоттарын кыһалҕаларыгар анаммыт сэминээргэ сылдьыбытым. 2018 сыллаахха Норвегияҕа эдэр табаһыттар уопуппутун атастаспыппыт. 2020 сыллаахха эмиэ бу дойдуга ыытыллыбыт аһылык култууратыгар анаммыт 1-кы Кэнгириэскэ тиийэн кыттыыны ылбытым. 2022 сыллаахха табаһыттар аан дойдутааҕы VII Кэнгириэстэригэр, эмиэ ити сыл Ханты-Мансийскайга Арассыыйа эбэҥкилэрин Улахан сугулааныгар (Тунгусскай кэнгириэс) кыттыбытым.
… Ити сылдьыбыт сирдэрин тухары удьуор табаһыт Игорь Колесов кыра эрдэҕиттэн дьарык оҥостубут үөрүйэҕин атын дойду табаһыттарыгар кэпсиир, сүбэлиир, кинилэртэн ылбыт уопутун бэйэтин үлэтигэр туһанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: