Үлэ киһитэ: Удьуор табаһыт

Share

Быйыл «Үлэ киһитэ» бириэмийэни муус устар 30 күнүгэр туттарыахтара. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ»  бириэмийэни Үлэ сылыгар олохтообута. Бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ 300 тыһыынча солк. бириэмийэ туттарыллыбыта. 

Нерюнгри оройуонун Иенгра нэһилиэгин эдэр табаһыта Игорь Колесов идэтинэн үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис.

Удьуор табаһыт олох кыра сааһыттан дьонун кытта ыстаадаҕа сылдьыбыт буолан, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн да баран, атын үлэни көрдүү барбакка, дойдутугар Иенграҕа төннүбүтэ.

– Биһиги дьиэ кэргэн кэтэх табабыт 500 төбө. «Олдое» (Рыбное) аҕа ууһун общинатын табаларын эбээ­лээх эһээм көрөн олорбуттара. Кинилэр ыалдьан хаалан, табаларбытын көрөр киһи суох буолан, хаһаа­йыстыбаны бэйэм илиибэр ылбытым. Аҕам уонна убайым “Иенгра” МУП-ка үлэлииллэр. Эдэр табаһыт быһыытынан араас ис хоһоонноох дойду таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттабын. Кыраныысса таһыгар кытта үлэ уопутун атастаһыыга сылдьыбытым. Саха сирин табаһыттарын олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, күннээҕи түбүктэрин, табаһыттар туттар тэриллэрин, астыыр астарбытын кытта билиһиннэрэбин. Ол курдук, 2016 сыллаахха Норвегия Каутокейно куоратыгар Арктика төрүт олох­тоох норуоттарын айылҕа уларыйыыларыгар сыһыан­наах (курсы по значению биоразнообразия для коренных народов Арктики) куурустарга, 2017 сыллаахха Канаадаҕа Арктика норуоттарын кыһалҕаларыгар анаммыт  сэминээргэ сылдьыбытым. 2018 сыллаахха Норвегияҕа эдэр табаһыттар уопуппутун атастаспыппыт. 2020 сыллаахха эмиэ бу дойдуга ыытыллыбыт аһылык култууратыгар анаммыт 1-кы Кэнгириэскэ тии­йэн кыттыыны ылбытым. 2022 сыллаахха табаһыттар аан дойду­тааҕы VII Кэнгириэстэригэр, эмиэ ити сыл Ханты-Мансийскайга Арассыыйа эбэҥкилэрин Улахан сугулааныгар (Тунгусскай кэнгириэс)  кыттыбытым.

Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан
Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан
Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан
Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан
Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан
Хаартыскалар И.Колесов архыыбыттан

… Ити сылдьыбыт сирдэрин тухары удьуор табаһыт Игорь Колесов кыра эрдэҕиттэн дьарык оҥостубут үөрүйэҕин атын дойду табаһыттарыгар кэпсиир, сүбэлиир, кинилэртэн ылбыт уопутун бэйэтин үлэтигэр туһанар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

11 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

11 часов ago