Үлэ киһитэ үйэлэргэ кэпсэнэр

Share

Быйыл Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэмитэ 375 сыла. Бу бэлиэ даатаҕа аналлаах араас тэрээһиннэр былааннаахтык бара тураллар.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

«Утум» Айыы кыһатын дьиэтин салайааччыта Анна Петрова уонна суруналыыс Наталья Захарова  «Үлэ киһитэ үйэлэргэ кэпсэнэр» диэн бырайыак оҥорон, Чурапчы нэһилиэгин бочуоттаах гражданиннарын чиэстээһини саҕалаатылар.

Бастакынан ОДьКХ бэтэрээнэ, ССРС бочуоттаах донора Спартак Слепцов, СӨ үөрэхтээһинин Бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Зинаида Захарова, ССРС потребительскай кооперациятын туйгуна Евдокия Лазарева чиэстэммиттэрэ.

Бу күннэргэ «Утум» дьиэтигэр өр сылларга производствоҕа, салайар үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбит Василий Попову уонна Гурий Монастыреву чиэстээтилэр.

Василий Попов оройуоннааҕы «Сельхозтехника» холбоһукка мэхээнньигинэн, салайааччынан, атын производственнай тэрилтэлэргэ салайааччынан, Гурий Монастырев оройуоҥҥа бастакы промышленнай тэрилтэҕэ — промкомбинакка столярынан, мэхээнньигинэн, салайааччынан үлэлээбиттэрэ.
Кинилэри Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатыттан нэһилиэнньэни кытары үлэлээһини сүрүннүүр исписэлиис Мария Матвеева, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Матвеева, уо.д.а. үөрэн-көтөн туран истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ

Чиэстэммиттэр бу истиҥ тэрээһини оҥорбуттарга махтаннылар, үлэлээбит кэмнэриттэн ахтан-санаан аастылар. Ыччаты үлэнэн иитиигэ санааларын үллэстибиттэрин, эдэрдэр болҕойон иһиттилэр.

Алексей Слепцов,

Чурапчы.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago