«Үлэ кыбартаала» кластерга Эдьигээн кэрэчээн табаһыта болҕомтону тарта
Эдьигээн улууһуттан төрүттээх Раиса Ильинова бүгүн «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер аһыллыытыгар үгүс дьону соһутта.
«Тоҕо?» диэн ыйытыы үөскүүрэ чахчы. Бука, бу маннык кэрэчээн, нарын бэйэлээх Кэрэ Куо ханнык эрэ муода тыйаатырын салайааччыта буолуо дии саныаххыт. Суох. Кини — табаһыт!
Дьэ, уонна соһуйуоххут суоҕа дуо? Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков аҕыйах ахсааннаах норуоттары билиһиннэрэр муннукка кэлэн, «Кындыкаан» диэн айымньы дьоруойун кытта билистэ. Бу түгэн биир арыйыытынан Эдьигээн табаһыта Раиса Ильинова буолла.
Кини үрдүк сололоох салайааччылар иннилэригэр туран табаһыт идэтин үрдүк таһымҥа таһаарыан, ыстаадатыгар интэриниэт киллэрэн, табаһыттар билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтиэн баҕарарын эттэ. Салайааччылар эдэр табаһыкка баҕа санаатын толороругар туох кыалларынан өйүөх буолан эрэннэрдилэр.
Мин тохтобул кэмигэр, итэҕэйбэккэ, Раиса Ильиноваҕа чугаһаан: «Эн кырдьык табаһыккын дуо?» диэн ыйытааччы буоллум. Кэрэ Куо нарыннык мичээрдээт, «кырдьык», диэн хардарда. Кини аныгы үйэ киһитин буоларын быһыытынан, аан дойдуну кытта ситимнээн, табаһыттарын үлэтин куйаар ситимигэр киллэрэн сайыннарар былааннааҕын кэпсээтэ.
— Ыстаадабар интэриниэт киллэриэм. Ыччаттар көмө, өйөбүл баарын олох билбэттэр. «Мин табаһыппын!» диэн ыарахан идэнэн киэн туттууну саҕыам, туризмы сайыннарыам. Өссө биир баҕам — 13 арктическай улууһу холбуохпун баҕарабын. Ол инниттэн бу улуустары барыларын кэрийиэм, — диэн санаатын үллэһиннэ кыраһаабысса табаһыт. Эдэр табаһыт бу кэскиллээх санаатын истэн баран, СӨ инновацияҕа миниистирэ Анатолий Семенов үлэлиир ыстаадатыгар сайдыыны саҕыан баҕалаах Раиса Ильиноваҕа интэриниэт киллэрэргэ өйүөх буолла.
Ити итинэн бүппэт. Эдьигээн табаһыта бээтинсэҕэ аны РФ Сыыппара, сибээс уонна маассабай коммуникация салайааччыта Максут Шадаевы кытта көрсөн былааннарын билиһиннэрэр санаалаах.
Дьэ, онон «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи кэлэр нүөмэригэр Эдьигээн кэрэчээн табаһыта Раиса Ильинованы ыалдьыттата ыҥырдым. Хайаан да олус кэрэхсэбиллээх кэпсэтии тахсарыгар эрэнэбин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: