«Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга «Саюри» филиала аһылынна: сыаната төһөнүй?
Бэс ыйын 30 күнүгэр «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга сибиэһэй оҕуруот аһын атыылыыр «Саюри» филиала аһылынна.
«Саюри» – Саха сиригэр оҕоруот аһын олордор бастыҥ тэрилтэ буолар, Дьокуускай куораты эрэ буолбакка, хас биирдии улууһу оҕуруот аһынан кыһыннары-сайыннары хааччыйар. Тэрилтэ бородууксуйатыгар киирэр – оҕурсу, помидор, күөх үүнээйи арааһа: укроп, петрушка, базилик, салат, кинза, мята, ону таһынан биэрэс, баклажан, черри помидордар, клубника уо.д.а. сир аһа.
Сайын дьон саамай ылар оҕуруотун аһа оҕурсу уонна помидор буолаллар. Оҕурсу киилэтэ – 280 солк., помидор – 315 солк., биэрэс – 450 солк., петрушка уонна укроп биир уга – 60 солк., салаат сэбирдэхтэрэ – 120 солк., мята уонна кинза – 70 солк., базилик – 115 солк., күөх луук – 35 солкуобай.
Ону таһынан, сарсыарда аайы сибиэһэй клубника атыыга киирэр, киилэтэ – 1000-1800 солк., үс араас суортаах эбит. Сайыҥҥы бириэмэҕэ дьон саамай атыылаһар, түргэнник бүтэр табаара буолар.
Маннык маҕаһыын арыллыбыта үчүгэйэ диэн — табаар ассортимена элбэх, атыылаһааччылар бэйэлэрэ көрөн, тутан-хабан, төһөнү баҕарбыттарынан атыылаһыахтарын сөп: биирдиилээн эбэтэр киилэнэн. Эрдэттэн сууламмыт нобуордар эмиэ бааллар.
Диана Новгородова
Нарыйаана Ушатова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: