Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр
Үлэ министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар https://t.me/mintrudrf сэргэх сонуну таһаарбыттар.
Страховой ыстааска аны оҕону көрөн олорбут уоппускаҥ барыта киирэр буолбут.
Туһанылла сылдьар сокуонунан билигин ыстаас 6 сылтан итэҕэһэ суох кэм муҥутуурдук ааҕыллыан сөп – уопсайынан ыллахха 4 оҕону көрүүгэ.
Арассыыйа Үлэ министиэристибэтэ 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрүүгэ страховой ыстааска учуоттааһыҥҥа бу хаарчахтааһын уһулларын курдук сокуон барылын бэлэмнээтэ.
Бу этиини биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҥорон, федеральнай былаас уорганнарыгар көрүүгэ киллэрбитэ. Госсэбиэт оробуочай бөлөҕөр социальнай бэлиитикэҕэ тыл этэрбитигэр сокуоннаска кэккэ позициялары хаттаан көрөргө болҕомтону туһаайбыппыт, ол иһигэр элбэх оҕолоох ийэлэри биэнсийэнэн хааччыйыыга сыһыаннаах боппуруоһу.
Дойдубут Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан страховой ыстааска 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олорбут кэмэ барыта учуоттаныаҕа. Бу элбэх оҕолоох ыалларга төрөппүттэр инники өттүгэр ылыахтаах биэнсийэлэрин улаатыннарыаҕа. Сокуону чопчулааһын үлэтэ салҕанар.
https://t.me/elenaaleksandrovnavolkova
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: