Үлэ сокуонугар уларыйыылар киирэн эрэллэр

Share

Госдуума дьокутааттара үлэ сокуонугар судаарыстыбаннай хонтуруолу тупсарар туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла үлэлиир дьон бырааптарын көмүскүүр сыаллаах диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэр.

Бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, туох уларыйыай?
Бастакытынан, үлэни биэрээччи үлэ дуогабарынан эбэһээтэлистибэтин толорорун судаарыстыба күүскэ хонтуруоллуоҕа.
Иккиһинэн, инбэлииттэргэ сыллата 30 хонуктан итэҕэһэ суох төлөнөр уоппуска бэриллиэхтээх.
Үсүһүнэн, хамнаска иэстээх тэрилтэлэри кытта үлэлэһэргэ эрэгийиэннээҕи биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйалар тэриллиэхтэрэ.
Төрдүһүнэн, тэрилтэ оҥорон таһаарыыта тохтоон хааллаҕына, үлэһит сөбүлэҥинэн, дьарыктаах буолуу сулууспата атын үлэҕэ быстах кэмҥэ көһөрүөн сөп.

Бу төрдүс уларыйыы тэрилтэ быстах кириисиһин кэмигэр дьоҥҥо көмөлөөх буолуо. Быстах кэмҥэ атын үлэҕэ үлэлээн баран, үлэһит бэйэтин тэрилтэтигэр төннөн кэлиэн сөп. Оччотугар бу тэрилтэ үлэһиттэрин сүтэрбэт. Маныаха урут түһэрсиллибит үлэ дуогабара көтүрүллүбэт, быстах кэмҥэ үлэтин тохтотор эрэ. Бу маннык саҥаны киллэрии сезонунан үлэҕэ эмиэ туһаныллыан сөп, — диэн Вячеслав Володин эттэ.

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Амма олохтооҕо полиция үлэһитин үөхсүбүтүнэн сууттаныаҕа

Саха сиринээҕи илин эҥэр улуустар икки ардыларынааҕы силиэстийэлиир отдела 27 саастаах эр киһиэхэ сыһыаннаан, РФ…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

УГМС сэрэтэр: Күүстээх силлиэ тыал түһэрэ күүтүллэр

УГМС управлениетын иһитиннэриитинэн, от ыйын 5 күнүгэр Хаҥалас, Горнай, Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 44 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн тус сыаллаах хапытаалы ылла

Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 2022 сылтан 44 744 дьиэ кэргэн…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга уонна улуустарга 500-тэн тахса киһи клещкэ ытыттарда

От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар клещкэ ытыттарыы 533 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, онтон…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: “Олоҥхо ыһыаҕа – Саха сирин уопсай национальнай бырааһынньыга”

Нерюнгри улууһугар Саха сирин  соҕуруу киин куората 50 сылыгар анаммыт Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Бырдах, оҥоойу, күлүмэн — көмүскэнэргэ биир туһалаах ньыма

Быйыл дойду үгүс эрэгийиэнигэр олохтоохтор үөн-көйүүр ахсаана биллэ элбээбитин бэлиэтииллэр. Саха сирэ эмиэ онтон хаалсыбат.…

1 час ago