Үлэ сылын бэлиэтэ бигэргэтилиннэ
Ааспыт сыл бүтүүтэ Ил Дархан 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ. Бу күннэргэ сыл бэлиэтэ бигэргэннэ. Үлэ министиэристибэтэ сыл бэлиэтин айарга күрэһи биллэрбитэ.
Куонкуруска 80 логотип бырайыага киирбит, онтон бастыҥынан Матвей Новиков диэн ааттаах кыттааччы үлэтэ буолла. Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Үлэ сылын бэлиэтэ Саха сирин үгэстэригэр уонна национальнай уобарастарыгар олоҕурар диэн бэлиэтээтэ.
Логотип төгүрүмтэ көрүҥнээх – быстыбат ситим, күн, күүс, көмүскэл суолталаах. Төгүрүмтэ сахалыы «кымырдаҕас ойуу» дьарҕаанан ойууламмыт. Кымырдаҕас элбэх норуокка үлэһит буолууну, түмсэ түһэн үлэни кыайарга хоһуйуллар харамай буолар.
Ойуу киинигэр дьон-аймах турар – өрөспүүбүлүкэбүт сүрүн баайа, күүһэ, киэн туттуута. Кинилэр илиилэриттэн тутуһан тураллар – сомоҕолоһуу, бииргэ тутуһан тыйыс айылҕалаах сирбитигэр үлэлээн-хамнаан олорорбут бэлиэтэ.
Бэлиэ үрдүн ураһа оройдуур – өрөспүүбүлүкэбит барыбытыгар биир алаһа дьиэ буоларын көрдөрөр. Анныгар тиистээх көлөһө – үлэ, сайдыы, иннин диэки дьулуһуу, тиэхиньикэ уонна билим күүһүн бэлиэтэ.
Логотип ойууламмыт дьүһүннэрэ от күөх алаастары, халлаан күөх толору өрүстэри хоһуйаллар.
«Саха сиригэр баар норуот үгэстэрин уонна аныгы кэми ситимниир Үлэ сылын бэлиэтэ бу сыл ыытыллар тэрээһиннэргэ, хамсааһыннарга туһаныллыаҕа», — диэн эттэ Ольга Балабкина.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: