Үлэ сылын бириэмийэтигэр сайаапкалары тутуу сотору түмүктэниэ
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова “Якутия24” ханаалга “Актуальное интервью” биэрии быһа эпииригэр Үлэ сыла хайдах саҕаламмытын, туох үлэ ыытыллыахтааҕын кэпсээтэ.
— Үлэ сылын тэрээһиннэрин былаана олунньу ыйга бигэргэммитэ. Сүрүннээн уопсастыбанньыктар, идэлээх сойуустар, үлэни биэрээччилэр, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын этиилэрэ киирбиттэрэ. Былаан барыта 10 сүрүн түһүмэхтээх, холобур, оҕону үлэнэн иитии эйгэтин сайыннарыы, ыччат дьарыктаах буолуутун, социальнай партнерствоны сайыннарыы, үлэ усулуобуйата уонна төлөбүрэ дьоһун буоларын ситиһии, үлэ дьонун ааттарын үрдэтии, о.д.а.
Ил Дархан Айсен Николаев бастыҥ үлэһит дьоҥҥо 300-түү тыһыынча солкуобайдаах 50 бириэмийэни олохтуур туһунан ыйаах таһаарбыта. Бириэмийэлэри Эйэ, Үлэ бырааһынньыгар — ыам ыйын 1 күнүгэр туттарыахтара. Балаһыанньа быһыытынан, үс түһүмэхтээх талыы ыытыллар. Кулун тутар 24 күнүгэр диэри үлэ кэлэктииптэрэ бэйэлэрин хандьыдааттарын сайаапкатын түһэрэллэр. Бу кэнниттэн тустаах министиэристибэ хандьыдаат киритиэрийдэргэ төһө эппиэттиирин быһаарар. Үһүс түһүмэххэ бырабыыталыстыба хамыыһыйата быһаарар, — диэн миниистир кэпсээтэ.
Онон Елена Волкова үлэ кэлэктииптэрин кулун тутар 24 күнүгэр диэри сайаапкалары түһэрэллэригэр ыҥырда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: