«Үлэ сылынан!» хоһоон

Share

Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Елена Петровна Прокопьева саҥа хоһоонун ааҕыҥ:

Үйэттэн үйэни уҥуордаан,
Үлэни таҥара оҥостон,
Мин сахам норуота кэлбитэ,
Мин сахам сир дьолун билбитэ.

Үлэ диэн -‘бу олох
үөрүүтэ,
Үлэһит үрдүккэ көтүүтэ,
Үгүһү — элбэҕи
ситиитэ,
Үтүөкэн түмүккэ
тиийиитэ.

Үлэттэн үөскүүллэр чулуулар,
Үлэҕэ буһаллар улуулар,
Үлэ таас очуоһун дабайан,
Үгүс сыл эриирин самнаран!

Үлэни хоһууннар кыайаллар,
Үлэҕэ дьулуурдаах буоланнар,
Үлэттэн дьоллорун
булаллар
Үгүс дьон махталын ыланнар.

ИЛ ДАРХАН бу үүммүт сылбытын
Айхаллаах үлэҕэ анаата,
ИЛ ДАРХАН бу дьоһун сыалбытын
Анааран бар -дьоҥҥо туһаайда!

Елена Прокопьева, Мэҥэ Хаҥалас, Хочо, » Таммахтар» айар холбоһук.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Аҕам саастаахтар хордара сүүрбэ сылын туолла

Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ быйыл аҕам саастаахтар хордарын тэриммиттэрэ 20 сылын туолла. Таатта норуодунай тыйаатырыгар…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун сиригэр-уотугар уу сыыйа түһүүтэ бэлиэтэнэр

Бүгүн, ыам ыйын 19  күнүгэр, суһал иһитиннэриинэн 14:00 ч.  Өлүөнэ өрүс мууһа Кэбээйи, Нам уонна…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэлиэ суолу хаалларбыта

Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар   Биллиилээх фольклорист Иннокентий Васильевич Пухов быйыл кулун тутар 12…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сонун сүүрээҥҥэ өйөбүл

Саха сирэ “Дьоҕус уонна орто биисинэс уонна урбаанньыт тус көҕүлээһинин  өйөөһүн” национальнай бырайыакка 2019 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

3 часа ago