Салгыы
Үлэ үөрүүтүн, олох дьолун түстээри

Үлэ үөрүүтүн, олох дьолун түстээри

Ааптар:
16.08.2024, 14:25
Хаартыска М.Егорова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Баайаҕа үрэҕин уҥуор «Куула» диэн хатыҥнарынан хаймыыламмыт, үөттэринэн төгүрүтүллүбүт, күн уотугар симириктии оонньуур күөллээх сиргэ дьон сөбүлээн, дьиэ-уот туттан барбыттара. Сотору кэминэн манна сүүһүнэн ыанньык ынахтаах пиэрмэ баар буолбута.

Кыракый Рома уол хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх ортотугар сылдьан,  саас  чыычаах ырыатын, куула тыаҕа кэҕэ этэрин олус сэргээн истэрэ. Кырдалга ньургуһун сибэкки күҥҥэ тардыһан, нуоҕайа тылларын кэрэхсии көрөрө.

Чэчир, хахыйах быыстарыгар саһан турар кыстык угун саҕа туруору балаҕан уолчааны бэйэтигэр ыҥырар курдуга. Рома бу балаҕан таһыгар оонньуурун, мэниктиирин олус сөбүлүүрэ, кини бэйэтэ бэйэтигэр «тойон» буолара. Муннугунан хатаастан, балаҕан үрдүгэр ыттара, толкуйдуу сатыыра… Мантан киэҥ нэлэмэн барыта көстөрө, халлаана, соһуйуон быатыгар, тыа кэтэҕэр тиийэн сүтэн хаалара. Уолчаан муодаргыыра, толкуйдуу сатыыра…

Балаҕан аанын аһан, иһирдьэ киирэрэ. Балаҕан иһэ ураты сылааһынан угуттуура, ураты сымнаҕаһынан илгийэрэ. Маҥан баттахтаах, кыракый дьоҕус уҥуохтаах оҕонньор мөссүөнэ көстөр курдуга… Рома ити оҕонньортон куттаммат, «эһээ» диэн ыҥырыан баҕарар. Ол кэмҥэ ийэтин саҥата: «Ромчук, ханна бааргын!? Кэл, аһаатыбыт!»-диэн ыҥырарын кытта эһэтэ сүтэн хаалара.

Рома хантан билиэй, бу дьиэ хаан эһэтин Ыкынааһай Ылдьыыс Махсыымап балаҕана буоларын? Ыкынааһай оҕонньор икки нэһилиэк ыпсыытыгар Хомуос диэн сиргэ бултаан, балыктаан олорбута, бииргэ төрөөбүттэрэ бары Нэлэгэр, Кус Саарбыт алаастарынан «һай-һат» дэһэн, уутуйан олорбуттара. Бары бэрэстээк уустара этилэрэ. 1951 сыллаахха, оҕолорун үөрэттэрээри, Ыкынааһай Томтор куулатыгар көһөн киирэн, балаҕан туттан олохсуйбута.

Ити барыта бэҕэһээҥҥи курдук этэ ээ…

Хас биирдии мас силистээх-мутуктаах, күҥҥэ, сырдыкка, үрдүккэ тардыһар лабаалардаах, оттон киһиэхэ сырдык санаата кынат, истиҥ иэйиитэ аргыс, төрүт өбүгэтэ харысхал, аймах-билэ дьоно көмүскэл буолар аналлаахтар.

Роман ийэтэ Анна Игнатьевна, аҕата Роман Афанасьевич Романовтар үһүс оҕолорун кыыс буолуо диэн бүтэйдии күүппүттэрэ, уол оҕо омуннаахтык ытаабытынан орто дойдуга түспүтэ. Аҕата «ааппын ааттатар уол оҕо төрөөтө, Роман буоллун» диэбитэ. Дьэ, ити курдук халыҥ аймах Максимовтар, Романовтар үөрүүлэрин үксэтэ, эрэллэрин кэҥэтэ КИНИ кэлбитэ.

Дэриэбинэ куулатыттан Рома билиигэ-көрүүгэ тардыһан, бэйэтин ыллыгын тэлэн, киэҥ аартыкка тахсыбыта. Киэҥ түннүктэригэр күн күлүмэ толбоннура оонньуур үөрэх кыһатыгар Роман октябренок сулуһун иилиммитэ, пионер кыһыл хаалтыһын бааммыта, оскуола үөрэнээччилэрин түмсүүтүн лиидэрэ буолбута. Эт-хаан өттүнэн тэтиэнэх,  үөрэххэ дэгиттэр сайдыылаах уол биир саастыылаахтарын ортотугар боччумунан, дьоһунунан, этэр тыла олохтооҕунан, ылыннарыылааҕынан уратылааҕа.

Тыа оҕотугар оччоттон баччааҥҥа диэри үлэни өрө тутуу, үлэттэн дуоһуйуу, төрөөбүт дойдунан киэн туттуу, кини дьонун-сэргэтин ытыктааһын, сиргэ-буорга бигэтик туруу буолар. Ромаҥҥа ити хаачыстыбалар барыта бааллара.

Эдэр саас уйата – Сэргэлээх! Үрдүк үөрэх кыһата – Сэргэлээх! Төһөлөөх ыччакка умнуллубат, дьикти түгэннэри хаалларбытыҥ буолуой!? …

Мас тардыһар түһүлгэҕэ ыас хара баттахтаах, айылҕа бэйэтэ сылбырҕа быһыыны-таһааны, күүһү-уоҕу бэлэхтээбит эдэр уола өрө кыыралдьытан тахсан, өрүтэ ыстаҥалыыр уонна лах гына олоро түһэр, утарсааччытын хааһын аннынан сытыытык көрөр. Судьуйа «Чэ!» диирин кытта, тарбахтар лачыгыраһа түһэллэр, былчыҥнар өрүтэ күүрэллэр, ыһыы-хаһыы сатарыы түһэр. Эдэр уолбут маһыгар тура тэбинэн тура түһэр да, утарсааччытыттан маһын туура тардан ылар. Кырасыабай кыайыыны Роман Романов ситиһэн, саала иһигэр «Уруй-айхал!» хаһыылар, муостаны тиҥилэхтээһиннэр өссө сытыырхайаллар.

Роман үөрэнэрин быыһыгар мас тардыһыытынан олохтоохтук, дьаныардаахтык дьарыктаммыта, дьулуурдаах дьарык түмүгэ кыайыы өрөгөйүн бэлэхтээбитэ. Манчаары Оонньуулара сахаларга Олимпиада суолталаах национальнай оонньууларбыт буолаллар. Манна Роман Романов аата икки төгүл дорҕоонноохтук ааттаммыта, чөмпүйүөн кыһыл көмүс мэтээлин иилиммитэ. Мас тардыһыытыгар «Романов стойката» диэн саҥа ньыманы киллэрбитэ, үрдүк кирбиини көрдөрбүтэ историяҕа кыһыл көмүс буукубанан суруллан, 20-с үйэ чулуу мадьыныта ааты да ылбыта туоһулуур.

Роман итинник тимир сындааһыны, арааһа, аҕатыттан Роман Афанасьевичтан ылбыта саарбахтаммат. Аҕата Арамаан 1969 сыллаахха Максимовтарга күтүөт буолан кэлбитэ. Арамаан бэйэтэ Мэҥэ Хаҥалас оройуонуттан Мэлдьэхси Суолатыттан элбэх оҕолоох Романовтартан төрүттээх. Ити сайын Үрүҥ Тунах ыһыахха күтүөт илии-атах оонньууларыгар, сүүрүүгэ Баайаҕа бэртэрин илии-атах оҥорбокко, биэс мүһэни ылбытын туһунан уос номоҕо күн бүгүн кэпсэнэр. Эһэтэ Ыкынааһай оҕонньор дьоҕус уҥуохтааҕын көрүмэҥ, иҥиир ситии оҕонньор дииллэрин, таайа Иван Максимов күүһүн-күдэҕин сопхуос уолаттара сөҕөллөрүн истэрбит, ити барыта Ромаҥҥа бэрилиннэҕэ.

Үлэни өрө туппут ийэтэ Анна Игнатьевна, аҕата Арамаан Афанасьевич уолларыгар олоххо тугу сатыылларын, билэллэрин иҥэрэ, уһуйа, үөрэтэ сатаабыттара. Ол барыта Роман Романович дойдутугар эргиллэн кэлэн, үлэһит, салайааччы буолуутугар улахан олугу охсубута.

90-с сыллар бүтүүлэригэр сопхуостар ыһыллан, үлэ аччаан, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан дьон куоратынан, киин сирдэринэн көһүүлэрэ, ыччат дойдутуттан тэйиитэ саҕаламмыт кэмигэр Роман Романович үөрэҕин бүтэрэн, Баайаҕатыгар олохсуйардыы кэлбитэ. Үөрэммит оскуолатыгар идэтинэн учууталлаабыта. Үлэҕэ, үөрэххэ солун көрүүлэрдээх эдэр киһини кэлэктиип дириэктэринэн талбыттара. Роман Романович иннигэр нэһилиэк инники кэскилин, оскуола сайдар хайысхатын быһаарыы сүрүн соруга турбута. Итинник быыс түгэннэргэ кини өбүгэлэрин дойдуларыгар Нэлэгэр булгунньаҕар тиийэн, кини быллаарыгар олорон, саҕахха саһар халлаанын одуулуур кэмигэр элбэх санаа, толкуй киирэрэ. Дьэ, ити санааларын учууталлары кытта сүбэлэһэн, илдьиритэн, буһаран, олоххо киллэрэрэ. Салайааччы уонна учууталлар баһырхай былааннара олоххо киирэн барбыттара: профильнай үөрэхтээһин, идэҕэ туһаайыы киирбитэ, экологическай  үөрэхтээһин, оҕону үлэҕэ сыһыарыы саҥа тыыннаммыта, оҕо илиитинэн-атаҕынан тутан-хабан, оҥорон таһаарар хайысхаларыгар болҕомто ууруллубута, сылгы базата, сибиинньэ пиэрмэтэ тэриллибиттэрэ, ходуһа сирэ, бултуур ыыр баар буолбута, олох уонна наука сибээһэ өрө тутуллубута. Оскуола агрооскуола статуһун ыларга айымньылаахтык хардыылаабыта.

2003 сылтан Роман Романович үлэтин биографиятыгар атын кэрдиис кэм саҕаламмыта. Нэһилиэк аҕа баһылыгын быһыытынан үлэтэ саҕаламмыта. Мин Романтан ыйытан турардаахпын: “Роман Романович, нэһилиэк инники сайдыытын туохха көрөҕүн?” Онно да, Роман эппиэтэ дириҥ эҥсиилээҕинэн сөхтөрбүтэ: «Нэһилиэк былыр-былыргыттан сүөһүнэн, сылгынан, булдунан уонна уһаныынан дьарыктаммыт. Сэбиэскэй да кэмҥэ, түһүү-тахсыы да сылларыгар, билигин да ити төрүт дьарыктарбытын тутан олоробут. Сүөһү, сылгы ахсаанын энчирэппэт, ылыллар бородууксуйа кээмэйин улаатыннарар, оҥорон таһаарар производствоны тобулар соруктаахпыт. Оччоҕо тыа ыала дохуоттаах, тыа сирэ туруктаах буолуоҕа. Ил Дархан тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһуламмыт Бырагыраамаларыгар киирсэн, ис кыаҕы ааҕынан, олох-дьаһах сайдыытыгар кэлим үлэни тэрийии, тыа киһитэ, ыала сарсыҥҥыга эрэллээх буолуутун хааччыйыы баһылык күннээҕи түбүгэ диэн сыаналыыбын», — диэн Роман Романович этиитэ кини үлэтин сүрүн бырагыраамата буоларын олох бэйэтэ көрдөрдө. Кини үлэтэ барыта КИҺИ туһугар анаммыт, ананар.

2012 сыллаахха таас оскуола киириэҕиттэн Баайаҕа нэһилиэгэр киин хочуолунай итиини биэриини саҕалаабыта, нэһилиэнньэ 75% холбоммута. «Билайн», «Мегафон», «МТС» вышкалара, оптоволокно киирэн, сибээс, интернет баар, үрэҕи туоруур муоста тутулунна, «Баат» булчуттар уопсастыбалара тэриллэн, сир-уот нэһилиэк бас билиитигэр киирдэ, 80 миэстэлээх таас оҕо уһуйаана тутуллан үлэҕэ киирдэ, итинник сайдыы көстүүлэрин төһө баҕарар ааттыахха сөп.

Роман духуобунаһы сыаналыыра, култуурунай сыаннастары өйүүрэ өбүгэлэрин үтүө алгыстарынан харалы хаанынан иҥэриммит. Ол курдук, элбэхтэн биири да ылан эттэххэ,  ийэтинэн аймаҕа Ирина Михайловна Максимова саха театральнай искусствотыгар элбэҕи айбыт, оҥорбут Саха АССР үтүөлээх артыыската, саха тыйаатырын Примадонната, Таатта норуодунай тыйаатырын тэрийсибит, төрүттэспит бастакы режиссера буолар.

Кыра эрдэҕиттэн кэрэни кэрэхсиирэ ситэн-хотон, Ытык Баайаҕа Томторугар саха духуобунай лиидэрэ Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус биэс уон сыл устаталаах туоратыгар үөрэппит, чинчийбит Туос Моҕол Ураһатын биир дойдулаахпыт Вячеслав Яроев тутан, норуоттан тахсыбыт энтузиаст-этнограф Н.И. Егоров-Баайаҕыын «Мандар Уус» саха олоҕун кэлим түмэлин салайан, П.П. Бурнашева «Мандар» Айылгы уонна Айымньы киинин  үлэлэтэн, ытык киһибит Мандар Уус бары кичэм баҕатын олоххо киллэриигэ утумнаах үлэни Роман Романович тэрийбитэ.

Роман оскуола сылларыттан нэһилиэгин историятын сэҥээриитэ, кэлин үйэтитии үлэтигэр дьоһун акылаат буолбута. Баайаҕа Томторугар «Ытык Ийэ» монумент Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биэс уолун сүтэрбит Ф.Н.Малгина мөссүөнүнэн Саха сирин Ийэлэригэр анаммыта. «Кыайыыны уһансыбыт көлүөнэ умнуллубат» сквери саҥардан оҥотторбута, аан дойдуга суолу тэлбит П.Ф.Андросовка-Арассыыйа Бүөтүргэ, Георгиевскай Кириэс кавалера И.И.Андросов-Муос Уйбааҥҥа, сахаттан бастакы разведчик Г.М.Андросовка Мэҥэ Тааһы туруорууну көҕүлээбитэ, нэһилиэк тэрилтэлэрин историятын, дьонун-сэргэтин туһунан кинигэлэри таһаарыыны үбүлээбитэ.

Мандар Уус «Түмсүү — төлкө төрдө» диэн ох тылын биир дойдулаахтарын, аймах-билэ дьоннорун түмүүгэ кынат оҥостон, былыргы Байаҕантай улууһугар олорбут дьонун-сэргэтин түмэн, «Байаҕантай ыһыаҕын» ыһан, удьуор аймахтары булууга, өбүгэ ситимин салгыырга, түҥ былыргы историяны үөрэтиигэ аартыгы аспыта, Таатта, Томпо, Өймөкөөн, Уус Алдан улуустарын нэһилиэктэригэр байаҕантайдар түмсүүлэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда.

Сыл аайы баайаҕалар ахтылҕаннаах Баайаҕаларыгар мустан, дойдуларын инники сайдыытын торумнууллар, спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһэллэр, ырыаны-үҥкүүнү оройуттан тардаллар.

Кыракый Рома балаҕан үрдүттэн тулалыыр эйгэтин көрөр буоллаҕына, билигин томтор үрдүттэн модун санаатынан туруулаһан сайдыыны ситиспит, Баайаҕата биир бэлиэ сир буоларыгар олук уурсубут сиппит-хоппут салайааччы киһи хараҕынан одуулуур.

«Барыбыт туһугар, Баайаҕабыт туһугар!» — диэн Петр Петрович Винокуров – Саллаат бэйэтин кэмигэр дьонун-сэргэтин күүрээннээх үлэҕэ ыҥырар тылларын Роман Романович Романов сөптөөх бириэмэтигэр, миэстэтигэр туттан, дьонун түмэн, сомоҕолоон, үлэҕэ кыайыылаах-хотуулаах буолбуттара.

Үлэ үөрүүтүн, олох дьолун түстээри Роман Романович Романов бу дойдуга түөрэҕэ түстэммитэ, дьонун-сэргэтин туһугар олорбута, үлэлээбитэ.

Маргарита Егорова, РФ  Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Таатта, Баайаҕа.

Хаартыскалар М.Егорова тиксэриилэрэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: