Салгыы
Үлэ ырыынага: быһыы-майгы хайдаҕый?

Үлэ ырыынага: быһыы-майгы хайдаҕый?

Ааптар:
06.03.2023, 09:00
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Аан дойду үрдүнэн хас да сыллааҕыта сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, тэйиччиттэн үлэ ньымата олоххо киллэриллэн, ордук атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык салаатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Маҕаһыыннар, эрэстэрээннэр сабылланнар, үгүс үлэһит таһырдьа “анньыллыбыта”. Аны былырыын тас дойдулар сааҥсыйа биллэрэннэр, уонунан сыллар тухары бигэ туруктаахтык үлэлии олорбут омук хампаанньалара, атыы-эргиэн кииннэрэ үлэлэрин тохтотон, ордук Арассыыйа улахан куораттарыгар үлэ ырыынагар балаһыанньа сытыырхайа сырытта диэтэхпинэ, арааһа, алҕаһаабатым буолуо.

СТАТИСТИКА СЫЫППАРАЛАРЫН СЫЫМАЙДААТАХХА…

Маннык дьалхааннаах кэм бүрүүкээбитигэр, салалта өттүттэн кэмигэр нэһилиэн­ньэ дьарыктаах буолуутугар тус сыаллаах үлэ ыытыллан, билиҥҥитэ үлэ ырыынагар балаһыанньа этэҥҥэ. Ону статистика сыыппаралара бигэргэтэллэр. Өрөспүүбүлүкэни барытын иилии хабан көрдөххө, дьарыктаах дьон ахсаана 474,9 тыһыынчаҕа диэри улааппыт. Тэҥнэбилгэ пандемия иннинээҕи 2019 сылы ылан көрдөххө, дьарыктаах буолуу ахсаана 5 % үрдээбитин туһунан СӨ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.
Үлэтэ суохтар “аармыйалара” аҕыйаабыта бэлиэтэммит. Ол курдук 14,3 % аҕыйаан, 30,1 тыһыынча киһиэхэ тиийбит.
Ааспыт сыл устата Дьарыктаах буолуу сулуус­паларыгар үлэ көрдөөн 28,0 тыһыынча киһи кэлэн, 17,5 тыһыынчата үлэнэн хааччыллыбыт. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ официальнай докумуоҥҥа киирбитинэн, 5022 киһи үлэтэ суоҕунан ааҕыллар.

ҮП-ХАРЧЫ КӨРҮЛЛҮҮТЭ

Үлэ ырыынагар тыҥаабыт балаһыанньаны сымнатыыга элбэх дьаһал ылыллар. Ол курдук, 2022 сылга судаарыстыбаннай бырагырааманы үлэлэтиигэ 1 170,75 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Мантан 648,99 мөл. солк. – федеральнай бүддьүөттэн. Нэһилиэнньэ дьарык­таах буолуутун тэрээһиннэринэн сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 34,9 тыһыынча киһи хабыллыбыт.

45 ХАМПААННЬАНЫ КЫТАРЫ ҮЛЭ ЫЫТЫЛЛАР

Бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр дьону үлэлэтии биир сүрүн соругунан буолар. «Олохтоох каадырдары – быра­мыысыланнаска» бырайыа­гынан билиҥҥитэ 45 бөдөҥ хампаанньаны, ол иһигэр «АЛРОСА», «Анаабыр алмаас­тара», «Саха сирин тимир суол­лара», «Сахатранс­нефтегаз», «Газ­пром», «Эльга­уголь», «ЯТЭК», «Якутск­энер­го» уонна да атыттары кытары ыкса үлэлэһэн, уопсайа 12,1 тыһыынча олох­тоох дьон үлэнэн хааччылынна. Мантан 6,7 тыһыынчата – эдэр дьон. Туһаан­наах быра­йыак иитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 сылтан 47,7 тыһыынча киһи үлэ булан, үрдүк хамнастаннылар.
Аҕыйах сылтан бэттэх үлэлиир «Навахту14.рф» быра­йыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир 15 бырамыысыланнай хампаанньаҕа 633 киһи үлэҕэ киирбит.

ХАННЫК ҮЛЭҺИТТЭР БЫЛДЬАҺЫККА СЫЛДЬАЛЛАРЫЙ?

Үлэ көрдөнөөччүлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи анал базаларыгар киирэн көрдөххө, бүгүҥҥү туругунан Саха сирин улуустарыгар уонна куораттарыгар 13,2 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ баар. Үлэни биэрээччилэр ордук оробуочай идэлээх үлэһиттэргэ, ол иһигэр тутуу маастардарыгар, силиэсэрдэргэ, электромонтердарга, сы­­баарсыктарга, анал тиэхиньикэ машинистарыгар уонна да атыттарга наадыйаллар. Маны таһынан, ханнык баҕарар улууска, ол иһигэр куораттарга быраастар, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр, учууталлар тиийбэттэр. Онон маннык идэлээх дьон былдьаһыкка сылдьаллар эрээри, хамнаһа кыратыттан эбитэ дуу, ордук эдэр испи­сэлиистэр талан ылбыт идэлэринэн үлэлиэхтэрин баҕарбаттар.
Тыа сиригэр мэдиссиинис­кэй үлэһиттэринэн, учууталларынан хааччыйыыга федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бырагы­раамалар үлэлииллэр. Холобур, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак иитинэн “Земскэй дуоктар” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамалар үлэлээннэр, 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ быраастарынан хааччыллыы 78,1%-тан 79,2 %-ҥа диэри ­улааппыт. 2022 сылга туһааннаах бырагыраамаларынан тыа сиригэр, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар 68 быраас, 38 биэлсэр үлэлии барбыттар. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уонна куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлии барар быраастарга 2 мөл. солкуобайдаах, оттон биэлсэрдэргэ 1 мөл. солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар. Бу эдэр исписэлиистэргэ улахан өйөбүл.

БАҺЫРХАЙ ХАМНАСТААХТАР

Саамай үрдүк хамнаһы бырамыысыланнай хампаанньалар машинистарга, геологтарга, суоппардарга эрэннэ­рэллэр. Холобур, “Анаабыр ал­­маастара” АУо бульдозер 8-с разрядтаах машиниһын хамнаһа 200 000 — 260 000 солкуобайынан быһыллыбыт. Оттон “Эльгауголь” ХЭУо электромеханиктарга наадыйар эбит, хамнаһа 272 000 солкуобай.
Судаарыстыбаннай статис­тикаҕа сигэннэххэ, 2022 сыл сэтинньи ыйдааҕы чахчыларынан, саамай үрдүк хам­настаахтарынан сиртэн хостонор туһалаах баайы-дуолу хостооһун салаатын үлэһиттэрэ буолаллар. Холобур, металл уруудатын хостооччулар хамнастара 179 645,1 солкуобайга тэҥнэһэр. Ортотунан сиртэн хостонор туһалаах баайы-­дуолу хостуур салаа үлэһиттэрин ыйдааҕы орто хамнастара
156 048,8 солкуобайынан ааҕыллар.
Оттон ааспыт сыл сэтинньи ыйдааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 96372,5 солкуобайга тэҥнэспит.

“ДЕМОГРАФИЯ” БЫРАЙЫАК ТУҺАТА

Тыа сиригэр үлэнэн хааччыллыы боппуруоһа ыарахаттардаах. Киһи барыта үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, хомунаа­лынай ха­­һаайыстыба тэрил­тэлэригэр үлэлиир кыаҕа суох. Киин сиртэн чугас улуустарга штат толору турар буолан, сорох үлэтэ суох дьон ынах-сүөһү иитэн, бэйэ дьыалатын тэринэн, үүт-хайаҕас булан дохуот аахсаллар. Иккиһинэн, судаарыстыбаннай бырагы­раамаларга олоҕуран, үлэтэ суохтары босхо үөрэтии бырагыраамалара эмиэ бааллар. Холобур, “Демография” на­­циональнай бырайыак иһинэн номнуо хаһыс да сылын “Содействие занятости” быра­йыак үлэлиир. Бу бырагыраама иитинэн тэрилтэлэрэ ыһыллан дуу, сарбыйыыга түбэһэн дуу үлэлэриттэн уурайаары сылдьар үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини илиилэригэр туппут дьон босхо үөрэниэхтэрин сөп. Маны таһынан, биэнси­йэҕэ тахсаары сылдьар саастаах үлэтэ суох, сарбыйыыга түбэс­пит дьон босхо үөрэнэн, саҥа идэлэри баһылыыллар. Онон су­­даарыстыба өттүттэн нэһи­лиэнньэ дьарыктаах буолуутугар үгүс хабааннаах үлэ ыытыллан, дьон дохуот аахсыытыгар улахан көмө, өйөбүл буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: