Аан дойду үрдүнэн хас да сыллааҕыта сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, тэйиччиттэн үлэ ньымата олоххо киллэриллэн, ордук атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык салаатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Маҕаһыыннар, эрэстэрээннэр сабылланнар, үгүс үлэһит таһырдьа “анньыллыбыта”. Аны былырыын тас дойдулар сааҥсыйа биллэрэннэр, уонунан сыллар тухары бигэ туруктаахтык үлэлии олорбут омук хампаанньалара, атыы-эргиэн кииннэрэ үлэлэрин тохтотон, ордук Арассыыйа улахан куораттарыгар үлэ ырыынагар балаһыанньа сытыырхайа сырытта диэтэхпинэ, арааһа, алҕаһаабатым буолуо.
СТАТИСТИКА СЫЫППАРАЛАРЫН СЫЫМАЙДААТАХХА…
Маннык дьалхааннаах кэм бүрүүкээбитигэр, салалта өттүттэн кэмигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар тус сыаллаах үлэ ыытыллан, билиҥҥитэ үлэ ырыынагар балаһыанньа этэҥҥэ. Ону статистика сыыппаралара бигэргэтэллэр. Өрөспүүбүлүкэни барытын иилии хабан көрдөххө, дьарыктаах дьон ахсаана 474,9 тыһыынчаҕа диэри улааппыт. Тэҥнэбилгэ пандемия иннинээҕи 2019 сылы ылан көрдөххө, дьарыктаах буолуу ахсаана 5 % үрдээбитин туһунан СӨ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.
Үлэтэ суохтар “аармыйалара” аҕыйаабыта бэлиэтэммит. Ол курдук 14,3 % аҕыйаан, 30,1 тыһыынча киһиэхэ тиийбит.
Ааспыт сыл устата Дьарыктаах буолуу сулууспаларыгар үлэ көрдөөн 28,0 тыһыынча киһи кэлэн, 17,5 тыһыынчата үлэнэн хааччыллыбыт. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ официальнай докумуоҥҥа киирбитинэн, 5022 киһи үлэтэ суоҕунан ааҕыллар.
ҮП-ХАРЧЫ КӨРҮЛЛҮҮТЭ
Үлэ ырыынагар тыҥаабыт балаһыанньаны сымнатыыга элбэх дьаһал ылыллар. Ол курдук, 2022 сылга судаарыстыбаннай бырагырааманы үлэлэтиигэ 1 170,75 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Мантан 648,99 мөл. солк. – федеральнай бүддьүөттэн. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун тэрээһиннэринэн сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 34,9 тыһыынча киһи хабыллыбыт.
45 ХАМПААННЬАНЫ КЫТАРЫ ҮЛЭ ЫЫТЫЛЛАР
Бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр дьону үлэлэтии биир сүрүн соругунан буолар. «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырайыагынан билиҥҥитэ 45 бөдөҥ хампаанньаны, ол иһигэр «АЛРОСА», «Анаабыр алмаастара», «Саха сирин тимир суоллара», «Сахатранснефтегаз», «Газпром», «Эльгауголь», «ЯТЭК», «Якутскэнерго» уонна да атыттары кытары ыкса үлэлэһэн, уопсайа 12,1 тыһыынча олохтоох дьон үлэнэн хааччылынна. Мантан 6,7 тыһыынчата – эдэр дьон. Туһааннаах бырайыак иитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 сылтан 47,7 тыһыынча киһи үлэ булан, үрдүк хамнастаннылар.
Аҕыйах сылтан бэттэх үлэлиир «Навахту14.рф» бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир 15 бырамыысыланнай хампаанньаҕа 633 киһи үлэҕэ киирбит.
ХАННЫК ҮЛЭҺИТТЭР БЫЛДЬАҺЫККА СЫЛДЬАЛЛАРЫЙ?
Үлэ көрдөнөөччүлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи анал базаларыгар киирэн көрдөххө, бүгүҥҥү туругунан Саха сирин улуустарыгар уонна куораттарыгар 13,2 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ баар. Үлэни биэрээччилэр ордук оробуочай идэлээх үлэһиттэргэ, ол иһигэр тутуу маастардарыгар, силиэсэрдэргэ, электромонтердарга, сыбаарсыктарга, анал тиэхиньикэ машинистарыгар уонна да атыттарга наадыйаллар. Маны таһынан, ханнык баҕарар улууска, ол иһигэр куораттарга быраастар, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр, учууталлар тиийбэттэр. Онон маннык идэлээх дьон былдьаһыкка сылдьаллар эрээри, хамнаһа кыратыттан эбитэ дуу, ордук эдэр исписэлиистэр талан ылбыт идэлэринэн үлэлиэхтэрин баҕарбаттар.
Тыа сиригэр мэдиссиинискэй үлэһиттэринэн, учууталларынан хааччыйыыга федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бырагыраамалар үлэлииллэр. Холобур, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак иитинэн “Земскэй дуоктар” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагыраамалар үлэлээннэр, 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ быраастарынан хааччыллыы 78,1%-тан 79,2 %-ҥа диэри улааппыт. 2022 сылга туһааннаах бырагыраамаларынан тыа сиригэр, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар 68 быраас, 38 биэлсэр үлэлии барбыттар. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уонна куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлии барар быраастарга 2 мөл. солкуобайдаах, оттон биэлсэрдэргэ 1 мөл. солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар. Бу эдэр исписэлиистэргэ улахан өйөбүл.
БАҺЫРХАЙ ХАМНАСТААХТАР
Саамай үрдүк хамнаһы бырамыысыланнай хампаанньалар машинистарга, геологтарга, суоппардарга эрэннэрэллэр. Холобур, “Анаабыр алмаастара” АУо бульдозер 8-с разрядтаах машиниһын хамнаһа 200 000 — 260 000 солкуобайынан быһыллыбыт. Оттон “Эльгауголь” ХЭУо электромеханиктарга наадыйар эбит, хамнаһа 272 000 солкуобай.
Судаарыстыбаннай статистикаҕа сигэннэххэ, 2022 сыл сэтинньи ыйдааҕы чахчыларынан, саамай үрдүк хамнастаахтарынан сиртэн хостонор туһалаах баайы-дуолу хостооһун салаатын үлэһиттэрэ буолаллар. Холобур, металл уруудатын хостооччулар хамнастара 179 645,1 солкуобайга тэҥнэһэр. Ортотунан сиртэн хостонор туһалаах баайы-дуолу хостуур салаа үлэһиттэрин ыйдааҕы орто хамнастара
156 048,8 солкуобайынан ааҕыллар.
Оттон ааспыт сыл сэтинньи ыйдааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ орто хамнас 96372,5 солкуобайга тэҥнэспит.
“ДЕМОГРАФИЯ” БЫРАЙЫАК ТУҺАТА
Тыа сиригэр үлэнэн хааччыллыы боппуруоһа ыарахаттардаах. Киһи барыта үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэлэригэр үлэлиир кыаҕа суох. Киин сиртэн чугас улуустарга штат толору турар буолан, сорох үлэтэ суох дьон ынах-сүөһү иитэн, бэйэ дьыалатын тэринэн, үүт-хайаҕас булан дохуот аахсаллар. Иккиһинэн, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга олоҕуран, үлэтэ суохтары босхо үөрэтии бырагыраамалара эмиэ бааллар. Холобур, “Демография” национальнай бырайыак иһинэн номнуо хаһыс да сылын “Содействие занятости” бырайыак үлэлиир. Бу бырагыраама иитинэн тэрилтэлэрэ ыһыллан дуу, сарбыйыыга түбэһэн дуу үлэлэриттэн уурайаары сылдьар үлэ биэрээччиттэн уурайарын туһунан иһитиннэриини илиилэригэр туппут дьон босхо үөрэниэхтэрин сөп. Маны таһынан, биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар саастаах үлэтэ суох, сарбыйыыга түбэспит дьон босхо үөрэнэн, саҥа идэлэри баһылыыллар. Онон судаарыстыба өттүттэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар үгүс хабааннаах үлэ ыытыллан, дьон дохуот аахсыытыгар улахан көмө, өйөбүл буолар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…