Үлэ ырыынагар оробуочай идэ сыаналанар

Share

Үлэ ырыынагар сүрүннээн оробуочай идэлэргэ наадыйыы үгүс.

Саха сирин Дьарыктаах буолуу  судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 10 тыһыынча үлэ миэстэтэ баарыттан 6 тыһыынча оробуочай идэҕэ миэстэ аһаҕас. Ол курдук, ордук суоппардар, силиэсэрдэр, машинистар, ону тэҥэ инженердэр, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ, учууталлар наадалар эбит.

Былырыын 3,7 тыһыынча үлэтэ суох киһиэхэ суоппар, силиэсэр, парикмахер идэлэригэр эбии үөрэх көмөтүнэн үлэ булбуттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Олохтоох ыччаты – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн бульдозер, экскаватор, буровой тэрил машиниһа, электромонтер, электрогазосварщик, горнорабочай, стропальщик курдук идэлэргэ анаан үөрэттэрэн, үлэһиттэри булаллар.

«Ааспыт сыл аҥаарыгар 8 тыһыынчаттан тахса киһини, ол иһигэр  3 845 киһи  35  сааһыгар диэри ыччат, 1 573  — вахта ньыматынан,  1 382 – сезоннай үлэҕэ, 1 841 киһи тыа сиригэр үлэлээх оҥордубут», –диэн бэлиэтээтэ Саха сиринээҕи Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Светлана Горюшинская.

Судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир сүрүн соруга – инбэлиит дьону үлэнэн хааччыйыы. 784 доруобуйатыгар хааччахтаах киһи Дьарыктаах буолуу кииннэриттэн үлэ көрдөөбүттэриттэн 394 киһиэхэ үлэ булан биэрбиттэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура

Михаил Лукачевскай «Бастыҥ продюсер» аатын ылла

Режиссер Михаил Лукачевскай Казань куоракка буолбут "Союз" эрэгийиэннээҕи киинэ бэстибээлигэр "Бастыҥ продюсер" аатын ылла. Бу…

15 минут ago
  • Сонуннар

«Архиграф» бырайыак мастарыскыайа «Эйгэ-2024» бириэмийэ партнера

«Архиграф» бырайыактыыр мастарыскыай хаачыстыбалаах, эрэллээх аныгылыы уонна табыгастаах олорор дьиэлэри оҥорор диэн Саха сирин архитектураҕа…

31 минута ago
  • Бэрээдэк

ВИДЕО: Дьокуускайга сылаас тохтобул аанын оҕолор алдьаппыттара билиннэ

Дьокуускай Гагаринскай уокуругар баар сылаас тохтобуллартан биирдэстэрин кимнээх урусхаллаабыттарын полиция быһаарда. Бу туһунан Уопсастыбаннай сирдэр…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары тутардылар

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

2 часа ago