Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ байыаннай чаастарга ыҥырыллыбыт дьон туһунан дааннайдары хомуйууну түмүктээтэ

Share

СӨ Үлэҕэ министиэристибэтэ байыаннай чаастарга ыҥырыллыбыт дьон туһунан дааннайдары хомуйууну түмүктээтэ. Бу туһунан билигин Бурятияҕа байыаннай чааска тиийэн үлэлии сылдьар үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин үлэһиттэрэ байыаннай чаастарга тиийэн, Саха сириттэн  быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон дааннайдарын хомуйуунан дьарыктаналларыгар сорудахтаабыта. Бу туһунан алтынньы 21 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрбитэ.

Быстах хомуурга хапсан, хантараак түһэрсэн анал байыаннай эппэрээссийэҕэ барбыт  биир дойдулаахтарбыт  дьиэ кэргэннэрэ “Мин докумуоннарым” элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сайаапка түһэрэн, биир кэмнээх көмө үбү ылар бырааптаахтар. Ыҥырыллыбыт киһи байыаннай чааска тиийэн, учуокка тура охсуохтаах. Ол иһин, ону, төһө кыалларынан, түргэнник бигэргэтэн, дааннайдары ыыта охсор сыалтан,  үлэҕэ  уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников тус бэйэтэ кэккэ байыаннай чаастары кэрийэн байыаннайдар туох кыһалҕалаахтарын билсибит. 

Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттары өйүүр сыаллаах Ил Дархан ыйааҕа «О мерах поддержки семей военных »  балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Онно сэттэ өйөбүл миэрэтэ көрүллүбүтэ. Ол иһигэр, биир кэмнээх көмө быһыытынан 200 тыһыынча солкуобай байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолорун оскуолаларга босхо итии аһылыгынан хааччыйыы, оҕо уһуйааннарыгар төлөбүртэн босхолооһун, устудьуоннарга эбии истипиэндьийэ көрүүтэ киирбиттэрэ. Билигин  социальнай көмө 11 көрүҥэ үлэлиир.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Якутск – исторический!» бэстибээл буолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Дьокуускайга "Эргэ куорат" оройуонугар «Якутск – исторический!» бэстибээл буолла. Тэрээһиҥҥэ…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

15:00 чаас: 30,37 % киһи куоластаата

Бүгүн 15:00 ч. дааннайынан, 30,37 % киһи куоластаата диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Улуус…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта оҕолоох ийэ быыбарга көхтөөхтүк кыттар

Аллараа Халыма улууһун Колымскай сэлиэнньэтин (Халарчы нэһилиэгэ) 394 №-дээх быыбардыыр учаастагар алта оҕолоох ийэ,  2025…

28 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Угуйугунан аһара үлүһүйбэккэ…

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн куйаар ситимигэр угуйук туһунан сокуон үлэтин саҕалаата. Саҥа сокуон…

55 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Воин» киин курсааннарын бастакы хамаандата Хабаровскай кыраайтан кэллэ

Бөлүүн түүн Хабаровскай кыраай хамаандата Саха сиригэр «ВОИН суола» байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэригэр кытта көтөн кэллэ. «Амур…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аарыма тайах Төҥүлү суолугар

Бүгүн социальнай ситиминэн  аарыма улахан тайах суолу туоруур  видеота тарҕаттылар. Тайах Төҥүлүлүүр суолу туораабытын иһитиннэрдилэр.

2 часа ago