Улууска үлэһиттэр доруобуйаларын тупсарыыга анаммыт корпоративнай бырагыраама күрэһин түмүгэ таһаарылынна.
Маннык күрэхтэһии быйыл аан бастаан ыытыллынна. Тэрийээччилэринэн Горнай улууһун дьаһалтата, үлэни биэрээччилэр түмсүүлэрэ (уопсастыбаннай тэрилтэ), идэлээх сойуустар сэбиэттэрэ буоллулар.
Күрэхтэһии сыала-соруга улуус сиригэр-уотугар үлэлиир нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ туһуланар. Ону тэҥэ үлэ миэстэтигэр чөл олоҕу тэрийиигэ бастыҥ корпоративнай бырагыраамалары тарҕатыы буолар.
Күрэскэ аҕыс кыттааччы корпоративнай бырагыраамаларын көмүскээтилэр. Видеонан устууларын билиһиннэрдилэр, үлэлэрин сырдаттылар. Сыл устата доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ араас дьаһаллар ыытылыннылар. Ол курдук, спортивнай күрэхтэһиилэр, психологическай трениннэр, туһалаах, иҥэмтиэлээх аһылыгы тэнитиигэ маастар-кылаастар, ыарыыны сэрэтэр лиэксийэлэр, уо.д.а. Ону таһынан үлэһиттэргэ эбиэттиир хостор, хаан баттааһынын мээрэйдиир пууннар, успуорт саалаларыгар дьарыктаныыларга усулуобуйалар олохтоммуттар.
Күрэхтэһии кыайыылааҕынан Горнайдааҕы кииннэммит балыыһа кэлэктиибэ буолла. Л.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинэ иккискэ таҕыста. Горнайдааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ үһүскэ таҕыста. “Кырачаан ымыылар”, “Радуга” уһуйааннар, Горнайдааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин киинэ, Октябрьскай, Мытаах нэһилиэктэрин дьаһалталара анал ааттары ыллылар.
Күрэхтэһиини тэрийэн ыытыыга улахан көмөнү оҥорбут СӨ идэлээх сойуустар федерациятыгар (Дегтярев Н.Н.), судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин СӨ идэлээх сойууһугар (Алексеев В.П), улууска үлэни биэрээччилэр түмсүүлэригэр (Ефремов Н.Н.), үөрэх тэрилтэлэрин улуустааҕы идэлээх сойууһугар (Колесова М.Н.), доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин идэлээх сойууһугар (Корнилова Р.П.), култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһугар (Винтоняк Е.А.), судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин улуустааҕы сойууһугар (Семенова О.Д.) махталбытын тиэрдэбит.
Корпоративнай бырагыраама үлэтэ үлэһиттэр доруобуйаларын харыстааһыҥҥа, тупсарыыга инникитин өссө да кэҥээн, сайдан иһиэҕэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Айталина Санникова,
Горнай улууһун дьаһалтатын үлэ харыстабылыгар кылаабынай исписэлииһэ.
Хаартыска А.Санникова тиксэриитэ
Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…
Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…
Билиигин-көрүүгүн хаҥат. Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…
Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…
Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…
Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…