Салгыы
Үлэ кэллэктииптэрэ дарстка күрэхтэһиэхтэрэ

Үлэ кэллэктииптэрэ дарстка күрэхтэһиэхтэрэ

13.07.2023, 17:00
Хаартыска pxhere.com туһанылынна
Бөлөххө киир:

От ыйын 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка үлэ кэллэктииптэрин ортолоругар дарстка өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытыллыа.

Бу туһунан Физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка салалта иһитиннэрэр. Таба быраҕыыга күрэхтэһии «Pool&Darts» кулууп дьиэтигэр, Дьокуускай куорат 203 мкр., 6 куорпуһугар ыытыллыа. Кыттааччыларынан Саха сирин үлэҕэ кэллэктиибин үлэһиттэрэ буолуохтаахтар. Хас биирдии хамаанда үс спортсменнаах – икки эр киһи уонна биир дьахтар эбэтэр икки дьахтар, биир эр киһи буолуохтаах диэн усулуобуйалаах.

Күрэхтэһии икки оонньуунан – «улахан раунд» уонна «20 сектор» быһыытынан барыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: