Үлэ киһитэ: “Баарбын барытын оҕолорго биэрэбин…”
СӨ култууратын туйгуна Алиса Егорова Ньурбатааҕы ускуустуба оскуолатыгар уһуйааччынан үлэлиир. Соторутааҕыта киниэхэ Ил Дархан олохтообут “Үлэ киһитэ” бириэмийэни туттарбыттара.
Алиса Васильевна, чахчы, үлэтигэр бэриниилээх, үлэттэн дьолломмут киһи. Кини Новгород куоракка училищены бүтэрэн баран, уһуйааҥҥа 15 сыл иитээччинэн үлэлээбитэ. Кэлин үлэлии сылдьан кини Москваиааҕы салайыы институтугар кэтэхтэн үөрэнэн, психолог идэтин ылбыта.
Ол эрээри, айар куттаах киһи буолан, билиитин-көрүүтүн оҕолорго тиэрдэр баҕата баһыйан, 2000 сыллаахха ускуустуба оскуолатыгар уһуйааччынан көспүтэ. Бэйэтэ ааптарыскай бырагыраамалары толкуйдаан, оҕолору төрүт култуураҕа сыһыаран, быысапкаҕа үөрэтэн барбыта.
Кини түмэллэри кэрийэн, ааҕан, үөрэтэн, чинчийэр үлэни ыытан, саха төрүт оһуорун-мандарын туһунан элбэх билиини мунньуммута. Ол билиитин-көрүүтүн оҕолорго иҥэрэр, кэрэни айар үөрүйэххэ уһуйар.
Оҕолор ускуустуба оскуолатыгар декоративнай-прикладной кылааска киирэн, биэс сыл устата үөрэнэллэр. Судургу оһуордартан саҕалаан, үөрэх сыыйа уустугуран иһэр. Икки оскуолаҕа тэҥинэн үөрэнэр буоланнар, бириэмэлэрин аттарынарга, былааннанарга үөрэнэллэр.
— Олоххо ситиһиилээх киһи буоларга математика, физика эрэ наада буолбатах. Сорох оҕолор 9-с кылаас кэнниттэн орто үөрэххэ барыахтарын сөп. Дьоҕурдарынан, сатабылларынан саҥа идэ ылан, айахтарын ииттэр кыахтаахтар. Уруһуйдуур, өҥү дьүөрэлиир, эскиһи толкуйдуур, композицияны оҥорор, сатаан былааннанар, иистэнэр үөрүйэх ханнык баҕарар киһиэхэ инники олоҕор туһалаах буолар. Ханна да буоллун, сатабыллаах киһи өлөн-охтон биэрбэт.
Саамай сүрүнэ, оҕолору былаанныырга уонна үлэни хайаан да тиһэҕэр тиэрдэргэ үөрэтэбин. Оҕо-оҕо араас буолар, сорох бытаан, сорох түргэн, барытын хаба тардан ылар. Онон хас биирдиилэригэр туспа сыһыан ирдэнэр. Улаатар кэмнэригэр бэйэлэрин көрдөнөллөр, сороҕор дьарыктан дьарыкка “ойуоккалыы” сылдьааччылар бааллар. Ону дьоҕурун, майгытын бигээн көрөн билиэххэ уонна быысапканан интэриэһиргэтиэххэ наада.
Орто оскуолаҕа үөрэҕэр мөлтөх эрээри, биһиэхэ кэлэн, “сулустара умайар” оҕолор бааллар. “Мин сатыыбын, мин кыайабын!” диэн санаа саҕыллыахтаах, оҕо бэйэтин булуохтаах, күүстээх өрүттэрин билэн, сайыннарыахтаах. Бу санаа иҥтэҕинэ, дьоҕура арыллан, сатабыла сайдан истэҕинэ, киниэхэ итэҕэйдэххэ, оҕо наһаа үөрэр, кынаттанар, сибэкки курдук арыллар. Бу кини сайдыытыгар, Киһи буолан тахсыытыгар улахан хардыы. Бэйэтин суолун булбатаҕына, туох эрэ итэҕэстээх курдук сананар. Хас биирдии оҕо талааннаах, ону булан көрүөххэ эрэ наада. Оҕоҕо анаан иэйдэххэ, кини утары иэйэр ээ.
Оҕо үлэтэ табыллан иһэриттэн үөрэрэ – миэхэ саамай үчүгэй наҕараада. Үөрэнээччитэ үөрэриттэн учуутала ордук үөрэр. Бу курдук элбэх оҕо талаанын арыйан, “сулуһун чаҕылыта уматтахпыт”. Барыта 41 сыл устата, уһуйуу эйгэтигэр 38 сыл үлэлээтим. Билигин үөрэппит оҕолорум бэйэлэрин оҕолорун аҕалаллар.
Оҕону умсугутуу кистэлэҥэ
— Алиса Васильевна, аныгы оҕоҕо быысапкаҕа, иискэ интэриэһи хайдах үөскэтэҕитий?
— Бастаан кыра, судургу эрээри, чаҕылхай үлэттэн саҕалыахха, онтон оҕону иҥсэрдэн биэриэххэ наада. Үлэ табыллан, оһуора дьэрэлийэн, ойуута тиллэн тахсан иһэрэ олус умсугутуулаах. Киһи сирэйиттэн саҕалыыллар, аны баттаҕын, таҥаһын оҥоруохха наада. Бүтэрэ охсуох баҕа, интэриэс үөскүүр, оҕо тартаран киирэн барар. Сатабыла эбиллэриттэн, былаана табылларыттан астынар. Бүтэрэ охсор баҕаттан, сороҕор атын да кэмҥэ кэлэн, үлэлээччилэр. “Эһиэхэ наһаа чуумпу, айар үлэҕэ угуйар, киһини сынньатар” диэччилэр.
Дьиҥэ, быысапка диэн уустук үлэ, ыйы-ыйдаан оҥоһуллар. Күһүн саҕалаан баран, саас бүтэриэхтэрин сөп. Бэлэми ыстаан биэрбэккэ, толкуйдуурун, быраҕан кэбиспэккэ, уустуктары туоруурун ситиһэбин. Илиитэ үлэлиир оҕо мэйиитэ эмиэ сайдар.
Оҕолорум үлэлэрэ сылтан сыл тупсан иһэр. Былыргылыы ньымалары баһылыыбыт. Сүтэн эрэр укталыы анньыы ньыматынан быысапкалаабыт хартыынабытын киистэнэн уруһуй диэн дьүүллүүр сүбэ ааһа хаампыт түгэнэ баара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи да, улуустааҕы да таһымнаах күрэстэргэ кытыннахпытына, хайаан да миэстэлэһэбит.
Быйыл Уһуйааччы, Аҕа сүбэһит сылыгар анаммыт, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэлэригэр 1-кы истиэпэннээх диплому биэрбиттэрэ.
“Маннык кэлэктиипкэ үлэлиир – дьол”
Алиса Васильевна хос эһэтэ Уус Ньукууһа Николай II ыраахтааҕы коронациятыгар сахалар ааттарыттан үрүҥ көмүс бүлүүдэни оҥорон ыыппыта биллэр. Онон төрүттэрэ удьуор уустар, иистэнньэҥнэр.
Егоровтар оҕолоро эмиэ уран уус, кэрэ эйгэтигэр чугастар. Улахан кыыс программист идэлээх. Кыра кыыстара тыйаатыр худуоһунньук-технолог сэдэх идэтин баһылаан, Мариинскай тыйаатыр Уһук Илиннээҕи салаатыгар үлэлиир. Кэргэнэ Владимир Ариандович аэронавигацияҕа база начаалынньыгынан үлэлиир. Кинилэр бу сыллар тухары таптаһан, өйдөһөн-өйөһөн олорон кэллилэр.
— Мин аҥаардас айар үлэнэн эрэ дьарыктаммытым, быыстапкаларга кыттыбытым буоллар, норуот маастара да буолуом, дьикти кэрэ айымньылары айыам этэ дии саныыбын. Ол эрээри билиибин-көрүүбүн, баарбын-суохпун оҕолорго биэриэхпин, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Сүүһүнэн сылларга мунньуллубут төрүт култуурабыт биһигинэн кэлэн быстан хаалыан баҕарбаппын.
Үлэлииргэ үөрэппиттэригэр ийэлээх аҕабар махтанабын. “Үлэни хаһан да араарыма, боростуой да үлэҕэ бүтүн дууһаҕын ууран, ис сүрэххиттэн бэриниилээхтик үлэлээ” диэн аҕам такайара. Оттон ийэм сатаабатаҕа диэн суох этэ, суохтан да баары оҥороро. Ол дьоҕура бэриллибит дии саныыбын.
Алиса Васильевна этэринэн, айымньылаах үлэҕэ кини үлэлиир кэлэктиибэ эмиэ көҕүлүүр. Ускуустуба оскуолатын дириэктэрэ Е.Р. Евсеева, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Н.А. Кириллова сатабыллаахтык салайан, айар эйгэни тэрийэллэр.
— Мин кэлиэгэлэрим бары да ураты умсулҕаннаах, талааннаах, айар куттаах дьон. Кинилэрдиин кэпсэтэриҥ да үрдүккэ кынаттыыр. Маннык иллээх кэлэктиипкэ үлэлиир – дьол. Онон үлэбэр сарсыарда аайы үөрэ-көтө, үчүгэйи эрэ кэтэһэн кэлэбин, айа-тута, астына үлэлиибин.
Төрөппүттэр да өйдөөбүттэр – биһиги оскуолабыт идэҕэ, сатабылга эрэ буолбакка, олоххо бэлэмнээх буоларга үөрэтэрин. Онон биһиэхэ туттарсан киирии балачча күрэстэһиилээх буолла, — диэн кэпсиир уһуйааччы.
Чахчыта, Алиса Васильевна психолог быһыытынан оҕо уйулҕатын таһыччы билэр буолан, ону айар үлэтигэр туһанан, үөрэнээччитин майгытын, талаанын арыйан иһэрэ ойуччу. Кинини кытта кэпсэтэн баран, маннык үчүгэй уһуйааччыга үөрэммит оҕо дьоллоох эбит диэн санааҕа кэллим.
Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: