Салгыы
Үлэлэригэр ситиһиилээх бастыҥ учууталлар испииһэктэрин бигэргэттилэр

Үлэлэригэр ситиһиилээх бастыҥ учууталлар испииһэктэрин бигэргэттилэр

07.08.2024, 18:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Үөрэҕириигэ министиэристибэтин быйылгы сыл от ыйын 30 күнүнээҕи 514-с нүөмэрдээх бирикээһинэн, педагогическай үлэҕэ ситиһиилэрин иһин бириэмийэни ылар бастыҥ учууталлар испииһэктэрин бигэргэттэ.

Тустаах наҕараада үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ, иитиигэ сүҥкэн кылааттарын киллэрэр уһулуччулаах педагогтары билинэр, бэлиэтиир аналлаах. Бу бириэмийэни ылар туһугар учууталлар икки ардыларыгар күөн күрэс сыллата улаатан иһэр. Ол эрээри, ааттаах-суоллаах бириэмийэҕэ чахчы талааннаах, кыһамньылаах эрэ учууталлар тиксэллэр.

Быйыл Саха сирин 12 учуутала үрдүк сыанабылы ылла:

  1. Иванова Анна Петровна, А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала.
  2. Герасимова Любовь Сергеевна, Дьокуускай куораттааҕы В.П.Ларионов аатынан физика-тиэхиньикэ лиссиэйин математикаҕа учуутала.
  3. Ползикова Надежда Борисовна, Алдан куорат 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын биологияҕа, химияҕа учуутала.
  4. Дмитриев Александр Саввич, И.Барахов аатынан Үөһээ Бүлүү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала.
  5. Трофимова Лилия Ивановна, Дьокуускай куорат 29-с нүөмэрдээх орто оскуолатын алын кылааһын учуутала.
  6. Ашихмина Светлана Валентиновна, Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй лиссиэй нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
  7. Григорьева Раиса Дмитриевна, Бүлүү улууһун П.И.Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатын аангылыйа тылын учуутала.
  8. Шадрина Нюргуяна Васильевна, Амма улууһун Чакыр орто оскуолатын алын кылааһын, аангылыйа тылын учуутала.
  9. Шестакова Зинаида Алексеевна, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола аангылыйа тылыгар учуутала.
  10. Ноговицын Петр Петрович, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт физикаҕа учуутала.
  11. Гурьева Александра Арияновна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала.
  12. Данилов Иннокентий Семенович, Уус Алдан улууһун Лөгөй лиссиэй-интэринээтин технологияҕа учуутала.

Педагогическай үлэҕэ ситиһиилэрин иһин бириэмийэҕэ тиксибит бастыҥ учууталлары эҕэрдэлиибит.

+1
47
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: