«Үлэлиэн баҕалаахтарга судаарыстыба көмөтө элбэх»

«Үлэлиэн баҕалаахтарга судаарыстыба көмөтө элбэх»

24.03.2024, 11:30
Бастакытыгар кирдээх таҥаһы туталлар уонна ырааһы биэрэллэр, иккискэ – сууйтараллар, ыраастыыллар. Хаартыска В.Фомина тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники 5 сыл иһигэр 25 406 социальнай хантараак түһэрсиллибит. Бу манна барыта 2,4 миллиард солкуобай көрүллүбүт.

Ааспыт сылга Саха сиригэр 6,5 тыһыынча ыал социаль­най хантараагынан туһаммыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ ханта­раак ахсаана уонна үбүлээһин кээмэйэ сыллата элбээн иһэр. 2019 сыллаахха 3 539 ханта­раак түһэрсиллибит буоллаҕына, 2023 сылга –  6 579 хантараак. Бу үлэни буларга, бэйэ дьыалатын тэринэргэ, кэтэх хаһаа­йыстыбаны сайыннарарга, олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсарга көмөлөһөр судаарыс­тыбаннай өйөбүл көдьүүстээх миэрэтинэн буолар.

Былырыыҥҥыттан ыла Ил Дархан Айсен Николаев уураа­ҕынан, социальнай ханта­раак бэриллэр суумата үрдээн, муҥутаан 500 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Бу суума төннөрүллүбэт, ыытыллыбыт үлэ туһунан отчуоттанар эрэ.

“Судаарыстыба көмөтө баарын билбэт этим”

Эдэр ийэ Валерия Фомина Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр таҥас сууйтарар сыаҕы аһан үлэлэтэр. Кини анестезиолог-реаниматолог быраас идэлээх, уонтан тахса сыл бу идэтинэн үлэлээбитэ.

Оҕолонон баран, дэкириэтинэй уоппускаҕа олордоҕуна, бэйэ дьыалатын аһар санаа киирбитэ. Дьоҥҥо туһа­лаах, наадалаах, бэйэм сөбүлүүр дьарыгым тугуй диэн толкуйга түспүтэ.

Оҕото биир сааһын туолбутун кэннэ, бу ааспыт сайын кыра хоһу куортамнаан, биир таҥас сууйар, биир куурдар массыыналаах дьоҕус сыах арыйбыта. Бастаан аймахтара, доҕотторо, билэр дьоно кэлэн сакаастаабыттара, онтон истиһэн, дьон кэлэн барбыта.

Күһүн дьүөгэтэ “социальнай хантараак диэн бырагыраама баар, онно киирис” диэн сүбэлээбитэ.

– Мин оннук судаарыстыба көмөтө баарын билбэт этим. Тута биисинэс-былаан суру­йан, хамыыһыйаҕа көмүскээбитим. Бэйэм биисинэскэ анаан үөрэммэтэх буоламмын, саҥаттан үөрэнэрим, арыйарым элбэх.

Бэйэ дьыалатын аһынарга, бастатан туран, дьоҥҥо наадалаах, туһалаах буолуох­таах диэн санаанан сирдэтиммитим. Олоххо-дьаһахха “бытовой” өҥө син биир наада­лаах. Холобур, Бэстээхтэн таҥаһы химчисткалата диэн куоракка киирэбит. Өрүс суола сабыллан хааллаҕына, уопсайынан, эрэйдээх соҕус. Маннык өҥө дьиэҥ аттыгар баара үчүгэй бөҕө буол­лаҕа. Ол иһин Бэстээхтэн эрэ буолбакка, Майаттан, чугас­тааҕы сэлиэнньэлэртэн, илин эҥээр улуустартан анаан кэлэл­лэр, –  диэн Валерия кэпсиир.

“Дьон олус наадыйар эбит”

Күһүн социальнай хантараагынан 500 тыһыынча солкуобайы ылан баран, эбии икки таҥас сууйар, икки куурдар массыыналары, түүлээҕи, атах таҥаһын ыраастыыр тэриллэри, анал бороһуоктары, убаҕастары, о.д.а. ылбыта. Киэҥ-куоҥ дьиэни куортам­наан, көспүтэ. Биир үлэһиттээх.

FOAM (“мыыла”, “күүгэн” диэн тылбаастанар) таҥас сууйар сыах икки хостоох. Бастакытыгар кирдээх таҥаһы туталлар уонна ырааһы биэрэл­лэр, иккискэ – сууйтараллар, ыраастыыллар.

Киһи бэйэтэ кэлэн таҥаһын сууйтарар өҥөтө баар. Омук сирдэригэр курдук, 200 солкуобайга кирдээх таҥаһын аҕалан, массыынаҕа бырагырааматын туруоран, сууйтарар, куурдуллубутун кэннэ, ылан барар.

Дьон үксэ дьиэ усулуобу­йатыгар кыайан сууйуллубат –  пуховик кууркаларын, улахан халыҥ суорҕаннары, сыттыктары, утуйар мөһөөччүктэри, утуйар таҥастары, анал үлэҕэ кэтиллэр таҥаһы, о.д.а. аҕалар.

“Бэйэ дьыалалаах буолар наһаа интэриэһинэй эбит, күн аайы саҥаны арыйаҕын, үөрэнэҕин, сайдаҕын. Бэйэҥ дьоҕургун арыйаҕын, саҥа хайысхаларга холонон көрөҕүн. Ол да иһин
дэкириэккэ олорор ийэлэр тугу эрэ булан, бэйэ дьыалатын арыналлар эбит”

Кыһын буолуон иннинэ элбэх пуховик кууркалары аҕалан сууйтарбыттара, түүлээх саҕынньахтарын, бэргэһэлэрин ыраастаппыттара. Дьон маннык өҥөҕө наһаа наадыйар эбит, сакаас киирэ турар.

– Үчүгэйэ диэн, аныгы тэриллэр, “бытовой” хиимийэ сайдан, уларыйан, билигин химчистканы да туһанымыахха сөп, эбэтэр, бэрт сэдэхтик туттуллар буолла. Аныгы мембраннай бүрүөһүннээх, сыаналаах пуховик кууркалары куруук химчистканан ­ыраастаатахха, алдьатар, кэбирэтэр, ууну-хаары оборор буолар. Оннук кууркалары “аквачистка” ньыматынан, эбэтэр, сууйтаран ыраастаныллар, иһинээҕи түүтэ хомуогурбат, түүппэҕирбэт. Сыаната химчисткатааҕар удамыр буолар.

Биһиги тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан эмиэ үлэлиибит – дьоҕус гостиницалар утуйар таҥастарын, улахан тэрилтэлэр анал үлэлиир таҥастарын (спецовкалары) ылан сууйтаран, куурдан, өтүүктээн биэрэбит.

Таҥаһы аҕаллахтарына, хайаан да ылабыт, уочараттаах буоллаҕына, бачча күн кэтэ­һиилээх диэн сэрэтэбит. Холобур, кууркалар син биир өр куураллар.

“Бэйэ дьыалалаах олус интэриэһинэй”

– Валерия, эн, кыра оҕолоох ийэ, маннык үлэлиириҥ дьиэ кэргэҥҥэр мэһэйдээбэт дуо?

–  Үлэһиттээх буоламмын, мин салайар, тэрийэр, суоттуур-учуоттуур, нолуогу төлүүр, атыылаһар, аҕалтарар-тиэй­тэрэр, сырдатар-биллэрэр өттүгэр үлэлиибин. Онон олус мэһэйдэппэппин. Дьиҥэ, анал үлэһити булар, үөрэттэрэр ыарахан соҕус этэ, хата, билигин үчүгэйдик үлэлии сылдьабыт.

Бэйэ дьыалалаах буолар наһаа интэриэһинэй эбит, күн аайы саҥаны арыйаҕын, үөрэнэҕин, сайдаҕын. Бэйэҥ дьоҕургун арыйаҕын, саҥа хайысхаларга холонон көрөҕүн. Ол да иһин дэкириэккэ олорор ийэлэр тугу эрэ булан, бэйэ дьыалатын арынан, дьарыктаналлар эбит.

Тэрилтэҕэ да үлэлиир куһаҕана суох дии саныыбын. Дэкириэтинэй уоппускаттан таҕыстахпына, идэбинэн салгыы үлэлиир былааннаахпын.

– Судаарыстыба көмөтө төһө тоҕоостооҕуй?

–  Бэйэ дьыалатын аһар баҕалаах, эбэтэр, үлэтэ суох дьоҥҥо судаарыстыба маннык көмөлөһөрө наһаа үчүгэй. Этэргэ дылы, куонкурус­ка хапсыбыппыттан астыммытым. Саҥа саҕалааччыга 500 тыһыынча солкуобай улахан төһүү күүс буолар.

Хаартыскалар В.Фомина тус архыыбыттан

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: