Хаартыска: PxHere
Арассыыйа Социальнай пуондата 2025 сылтан саҥа быраабыланан биэнсийэ төлөбүрдэрин кээмэйин үрдэтэргэ толору бэлэмнэнэр. Онтон сорох биэнсийэлээхтэр эрдэ, бу сыл ахсынньытыгар, төлөбүрдэри эбиллибит кээмэйинэн ылыахтара.
Бу туһунан алтынньы 14 күнүгэр Социальнай пуонда салайааччыта Сергей Чирков Госдуумаҕа Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин мунньаҕар иһитиннэрдэ. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Социальнай пуонда 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр страховой биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин индексациялааһыны сөргүтүөҕэ диэн бэлиэтиир Сергей Чирков. Кини этэринэн, үлэлиир биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин кээмэйэ эмиэ үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ курдук кээмэйэ үрдүөҕэ. Бу ааспыт сыл саҥатыгар инфляцияны учуоттаан, хас сыл ахсын саҕаланыыта ыытыллар.
Сыл саҕаланыытыттан Арассыыйаҕа биэнсийэ ортотунан 7,3% үрдүөҕэ, оттон 2025 сыл муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 14,73% индексацияланыаҕа диэн Госдуумаҕа Үлэ кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб санатта.
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарынан сибээстээн, сорох аҕам саастаахтар биэнсийэ төлөбүрэ болдьоҕун иннинэ — ахсынньыга үрдээбитинэн ааҕыллыаҕа диэн кэмитиэт баһылыга Ярослав Нилов бэлиэтээтэ. Итинэн сибээстээн Социальнай пуонда салайааччыта бу дьоҥҥо саҥа быраабыланан, ол эбэтэр индексацияны учуоттаан, төлөбүрү үрдээбит кээмэйинэн чахчы ылыахтара дуо диэн ыйытта. Манна Сергей Чирков пуонда бүддьүөтүгэр үп-харчы толору көрүллэн угуллубутун туһунан бигэргэттэ.
«Биэнсийэни тохсунньу 12 күнүгэр диэри ылааччыларга бу сыл ахсынньы бүтэһигэр диэри төлөбүрдэр толору ыытыллыахтара. Оттон атын күннэргэ биэнсийэни ылааччыларга 2025 сыл тохсунньу ый туһааннаах күннэригэр төлөнүөҕэ», — диэн Социальнай пуонда баһылыга эрэннэрдэ.
Бу күннэргэ Өлүөнэ Эбэҕэ үлэ саамай суолталаах уонна көдьүүстээх көрүҥэ –мууһу эрбээһин уонна хараардыы ыытылла…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр, күнүс соҕуруу…
Чукотка автономнай уокуругар Баимскайдааҕы хайа байытар кэмбинээтин тутуу саҕаланна. Баимскайдааҕы ГОК тутуутун хаамыытын РФ Бырабыыталыстыбатын…
Күн оройо буола оҕуста. Сотору кэминэн улахан оҕолоро оскуолаттан кэлиэхтэрэ. Аҕалара эбиэттии кэлиэ. Бэйи эрэ,…
Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕар Николай Иванович Афанасьевка "Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах…
Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн күөннэринэн хаххалаан көмүскээбит, итии хааннарын тохпут буойун суруналыыстар…