Салгыы
Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ индексацияланар буолла

Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ индексацияланар буолла

10.06.2024, 17:04
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр  2025 сылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялыыр туһунан быһаарыыны ылыммытын туһунан иһитиннэрдэ. 

Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 2016 сылтан индексацияламмат буолан турар. 2015 сыллаахха ньиэп сыаната түһэн, экэниэмикэ мөлтөөбүт кэмэ этэ. Биэнсийэ пуондатыгар «үлэлиир биэнсийэлээхтэр хамнастаахтар, онон биэнсийэлэрэ кинилэргэ чэпчэтии курдук буолар» диэн этэллэрэ. 2022 сыллаахха пуонда индексация (инфляция кээмэйиттэн көрөн, сыл аайы үрдэтии)   ыытылыннаҕына, төһө ороскуоттааҕын ааҕан көрбүтэ. Онуоха 500 миллиард солкуобай наада диэн аахпыттара.

«Росстат» даннайынан, 2016 сыллаахха үлэлиир биэнсийэлээх ахсаана тута 35%-нан, ол эбэтэр, 5 мөлүйүөн киһинэн  аҕыйаабыта.

2024 сыл муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, Социальнай пуонда дааннайынан, Арассыыйаҕа 7,783 мөлүйүөн үлэлиир биэнсийэлээх (уопсай ахсааннарыттан 19%-ра) баар.

2023 сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэр үлэлэриттэн уурайдахтарына, биэнсийэлэрэ индексацияланар этэ, онтон хос үлэҕэ киирэллэрэ.

Арассыыйаҕа үлэлиир биэнсийэлээхтэр  биэнсийэлэрин орто кээмэйэ — 17,4 тыһыынча солкуобай. Оттон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин орто кээмэйэ — 21,7 тыһыынча солкуобай. Саха сиригэр оройуоннай коэффициент, хотугу эбилик эбиллэн, биэнсийэ орто кээмэйэ маннааҕар үрдүк.

2025 сыл олунньу 1 күнүттэн биэнсийэни 2024 сыллааҕы инфляцияны учуоттаан, үрдэтиэхтэрэ. Сабаҕалааһын быһыытынан, инфляция 5,1%-ҥа тэҥнэһиэхтээх. Ол эрээри, Владимир Путин этиитигэр 2016 сылтан бэтэрээҥҥи сылларга (9 сылга) индексацияланарын туһунан этии суох.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
1 июля
  • 23°C
  • Ощущается: 22°Влажность: 31% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: