Хаартыска: Мария Васильева (ЯСИА)
Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 2016 сылтан индексацияламмат буолан турар. 2015 сыллаахха ньиэп сыаната түһэн, экэниэмикэ мөлтөөбүт кэмэ этэ. Биэнсийэ пуондатыгар «үлэлиир биэнсийэлээхтэр хамнастаахтар, онон биэнсийэлэрэ кинилэргэ чэпчэтии курдук буолар» диэн этэллэрэ. 2022 сыллаахха пуонда индексация (инфляция кээмэйиттэн көрөн, сыл аайы үрдэтии) ыытылыннаҕына, төһө ороскуоттааҕын ааҕан көрбүтэ. Онуоха 500 миллиард солкуобай наада диэн аахпыттара.
«Росстат» даннайынан, 2016 сыллаахха үлэлиир биэнсийэлээх ахсаана тута 35%-нан, ол эбэтэр, 5 мөлүйүөн киһинэн аҕыйаабыта.
2024 сыл муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, Социальнай пуонда дааннайынан, Арассыыйаҕа 7,783 мөлүйүөн үлэлиир биэнсийэлээх (уопсай ахсааннарыттан 19%-ра) баар.
2023 сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэр үлэлэриттэн уурайдахтарына, биэнсийэлэрэ индексацияланар этэ, онтон хос үлэҕэ киирэллэрэ.
2025 сыл олунньу 1 күнүттэн биэнсийэни 2024 сыллааҕы инфляцияны учуоттаан, үрдэтиэхтэрэ. Сабаҕалааһын быһыытынан, инфляция 5,1%-ҥа тэҥнэһиэхтээх. Ол эрээри, Владимир Путин этиитигэр 2016 сылтан бэтэрээҥҥи сылларга (9 сылга) индексацияланарын туһунан этии суох.
Саҥа дьыл барахсан, оннук-маннык итэҕэллэргэ, кирдээх бэлиитикэҕэ умньамматах, соҕотох алыптаах, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ дуоһуйа, астына…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар, дойду устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа дойду Улуу…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу сэттэ түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
«Якутскэнерго» ПАУо өрөспүүбүлүкэ олоҕо-дьаһаҕа бигэ туруктаах буолуутугар уотунан-сылааһынан хааччыйар дьоһун суолталаах тэрилтэнэн буолар. Хампаанньа генеральнай…
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, хотугулуу-илин, илин өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Киин, арҕаа оройуоннарга туманнаах…
Бүгүҥҥү күн – наҕыл, сымнаҕас уонна дьиэҕэ-уокка чугас дьону кытта сынньанарга табыгастаах кэм. Ый Оҕус…