Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ сылга иккитэ үрдүөҕэ

Share

2025 cылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ сылга иккитэ индексацияланар буолуоҕа. Олунньу 1 күнүгэр инфляция таһымынан көрөн уонна муус устар 1 күнүгэр хамнас үрдүүр таһымынан үрдүөҕэ диэн Госдуума дьокутаата Андрей Исаев иһитиннэрдэ. Бу туһунан «Ведомости» суруйар.

— Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорон, биһиги Госдуумаҕа киллэрбит сокуоммут барылыгар кэлэр сылтан биэнсийэ сылга биирдэ эрэ буолбакка, иккитэ — олунньу 1 күнүгэр инфляция таһымынан уонна муус устар 1 күнүгэр (страховой чааһа) хамнас үрдүүр таһымынан үрдүөхтээх, — диэн Андрей Исаев этэр.

Чопчулаан эттэххэ, үлэлиир биэнсийэлээх биэнсийэтин индексацията билигин ылар биэнсийэтин сууматыттан тирэҕирэн ааҕыллар буолбатах. Үлэлээбэт биэнсийэлээх биэнсийэтин саҕа (муҥутуур үрдүк) сууматтан тирэҕирэн ааҕыллар. Аҕыс сыл устата ылбатах суумата сүппэт, үлэлээн бүттэҕинэ, толору ааҕыллыахтаах. Ол эбэтэр, эһиил төһө да иккитэ үрдэттэллэр, биир сыллааҕы индексацияны ааҕаллар эбит.

Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Антон Котяков этэринэн, кэлэр сылга биэнсийэ индексацията үлэлиир уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ тэҥ быраабыланан барыаҕа.

— Тэҥ ыстаастаах буоллахтарына, үлэлиир да, үлэлээбэт да биэнсийэлээхтэргэ үрдээһин кээмэйэ тэҥ буолуоҕа. Оттон үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ 2016 сылтан 2024 сылга диэри мунньуллубут индексация кинилэр үлэлээн бүттэхтэринэ, оҥоһуллуоҕа, — диэн миниистир эттэ.
Госдуумаҕа тустаах сокуон барыла бэс ыйын 25 күнүгэр номнуо көрүллүөҕэ диэн спикер Вячеслав Володин иһитиннэрбитэ. Бу уларыйыы 7,87 мөлүйүөн биэнсийэлээҕи таарыйыаҕа.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бэрдьигэстээххэ — «Бастыҥнар түһүлгэлэрэ»

Бэрдьигэстээххэ 2025 сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ" тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Үрдүктэн үрдүгү баһылааһын, сулустарга…

10 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус

Дьэрэкээн оҥоһуктар кэккэлэстилэр

2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…

39 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ХАРЫЙАМ БЭЛЭҔЭ (ЫРЫА)

Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саҥа сылы доруобуйаны айгыраппакка көрсүөххэ

Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОҔО СААҺЫМ САҤА ДЬЫЛА…

Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

3 часа ago