Хаартыска -- Мария Васильева / СИА
2025 cылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ сылга иккитэ индексацияланар буолуоҕа. Олунньу 1 күнүгэр инфляция таһымынан көрөн уонна муус устар 1 күнүгэр хамнас үрдүүр таһымынан үрдүөҕэ диэн Госдуума дьокутаата Андрей Исаев иһитиннэрдэ. Бу туһунан «Ведомости» суруйар.
— Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорон, биһиги Госдуумаҕа киллэрбит сокуоммут барылыгар кэлэр сылтан биэнсийэ сылга биирдэ эрэ буолбакка, иккитэ — олунньу 1 күнүгэр инфляция таһымынан уонна муус устар 1 күнүгэр (страховой чааһа) хамнас үрдүүр таһымынан үрдүөхтээх, — диэн Андрей Исаев этэр.
Чопчулаан эттэххэ, үлэлиир биэнсийэлээх биэнсийэтин индексацията билигин ылар биэнсийэтин сууматыттан тирэҕирэн ааҕыллар буолбатах. Үлэлээбэт биэнсийэлээх биэнсийэтин саҕа (муҥутуур үрдүк) сууматтан тирэҕирэн ааҕыллар. Аҕыс сыл устата ылбатах суумата сүппэт, үлэлээн бүттэҕинэ, толору ааҕыллыахтаах. Ол эбэтэр, эһиил төһө да иккитэ үрдэттэллэр, биир сыллааҕы индексацияны ааҕаллар эбит.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Антон Котяков этэринэн, кэлэр сылга биэнсийэ индексацията үлэлиир уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ тэҥ быраабыланан барыаҕа.
Госдуумаҕа тустаах сокуон барыла бэс ыйын 25 күнүгэр номнуо көрүллүөҕэ диэн спикер Вячеслав Володин иһитиннэрбитэ. Бу уларыйыы 7,87 мөлүйүөн биэнсийэлээҕи таарыйыаҕа.
Сииттэҕэ "Үтүө санаа харыйата" сылын аайы ыытыллар. Кэнники кэмнэ олохтоохтор олус көхтөөхтүк кыттар буоллулар. Киирбит…
Бэрдьигэстээххэ 2025 сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ" тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Үрдүктэн үрдүгү баһылааһын, сулустарга…
2026 сыл Уот кыһыл ат сыла буоларынан уонна улууспутугар ыытыллар Олонхо сылынан Сииттэ олохтоохторугар ураты,…
Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…
Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…
Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…