Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэ индексацияланыаҕа

Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэ индексацияланыаҕа

19.09.2024, 12:30
Хаартыска -- Мария Васильева.
Бөлөххө киир:

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэни индексациялааһын туһунан саҥа сокуон олоххо киирэр.

Бу туһунан СӨ Социальнай пуондатын департаменын салалтата маннык иһитиннэрдэ:

“Индексация икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Бастакыта 2025 сылга олунньуга буолуоҕа. Биэнсийэ ааспыт сыллааҕы инфляцияны учуоттаан индексацияланыаҕа. Үрдээһин биэнсийэҕэ барытыгар дьайыаҕа – страховкаҕа да, быстах чааһыгар да. Урукку индексациялар бары учуоттаныахтара.

Иккис түһүмэх муус устарга былааннанар. Биирдиилээн биэнсийэ коэффициенынан оҥоһуллубут биэнсийэ страховой чааһа эрэ индексацияланыаҕа. Биэнсийэ страховой чааһын индексациялааһын туох да сайабылыанньа биэрбэккэ, быһа оҥоһуллар.  Бу туһунан социальнай пуонда салаатын салайааччыта Марина Герман иһитиннэрдэ.

Биэнсийэни индексациялааһын туһунан ыйытыы баар буоллаҕына, 8 (800) 100-00-01 нүөмэргэ эрийэн (босхо) Социальнай пуонда киинин кытта сибээстэһиҥ. Үлэлиир бириэмэтэ: үлэ күннэригэр 9:00 чаастан 18:00 чааска диэри.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: