Үлэлиир маҕаһыыныттан харчы уорбут
26.01.2024, 13:35
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Арассыыйа ИДьМ “Якутское” управлениетын полиция 1-кы нүөмэрдээх отделыгар тиэхиньикэ маҕаһыынын бэрэстэбиитэлэ кэлэн, атыы тэрилтэтигэр 288 720 солк. суума итээһин тахсыбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Көрдүүр-булар үлэ ыытыллыытын түмүгэр, холуобунай ирдэбил салаатын үлэһиттэрэ харчыны иҥэриниигэ маҕаһыын урукку үлэһитэ кыттыгастааҕын быһаарбыттар. Бу уруккута наркотик дьыалатынан сууттаммыт 34 саастаах киһи эбит.
Уорбаланааччы сыл устата маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр кэмигэр киирбит харчыттан иҥэринэн испитэ быһаарыллыбыт. Сыл буолан баран хара санаалаах үлэтиттэн уурайбыт.
Тустаах түгэнинэн РФ Холуобунай кодексын 160 ыст. 3 ч. “Иҥэринии эбэтэр ороскуоттааһын” холуобунай дьыала тэриллибит.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: