«Үлэм түмүгэ – үөрэнээччилэрим ситиһиилэрэ»

Share

СӨ үөрэҕириитин туйгуна Любовь Мефодьевна Софронеева Бүлүү куоратын оскуола иннинээҕи саастаах «Аленушка» оҕону сайыннарар кииҥҥэ  тоҕус сыл иитээччинэн, 1 сыл  логопед-учууталынан ситиһиилээхтик үлэлиир.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Саха сиригэр идэлээх сойуустар хамсааһыннарын сайыннарыыга кылаатын иһин» уонна «Бүлүү эдэр дьонун үөрэтиигэ уонна иитиигэ кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара оҕо саҥатын сайыннарыы хайысхатыгар үлэлээбитэ уопсайа отут төгүрүк сыл буолла. Ол курдук, кылгас кэмҥэ Сунтаар оройуонун Элгээйи авторскай, Ньурба оройуонун Маар орто оскуолаларыгар алын кылаас учууталынан үлэлээбитэ. Кэлин сүүрбэччэ сыл Бүлүү куоратын оскуола иннинээҕи саастаах «Туллукчаан» оҕону сайыннарар кииҥҥэ саха тылын учууталынан үлэлээн, оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарарга, грамотаҕа үөрэтэргэ бэлэмнээһиҥҥэ кылаатын киллэрбитэ.

Төрөөбүт тылынан үөрэниэххэ

Любовь Мефодьевна логопед-учуутал идэтигэр эбии үөрэҕи ааһан,  доруобуйаларынан хааччахтаах, саҥаларыгар хаалыылаах оҕолору үөрэтэр бөлөххө  икки сыл иитээччинэн үлэлээн баран,  логопед-учууталынан анаммыта.

«Саҥарар саҥа  сайдыыта былыр-былыргыттан ис-тас дойдулар улууканнаах дьоннорун болҕомтолорун тардан, күн бүгүҥҥэ диэри үөрэтиллэ сылдьар биир дьоһуннаах боппу­руоһунан буолар.

Нуучча биллиилээх педагога К.Д. Ушинскай: «Ханнык баҕарар омук бэйэтин тылынан үөрэннэҕинэ, билиитэ-көрүүтэ ордук сайдар, онон төрөөбүт тылынан үөрэнии – үөрэҕи ылыы сүрүн төрдүнэн буолар», –  диэн этэн турар.

Үөрэхтээх дьоммут этии­тин таба өйдөөн, кэскиллээҕи са­­наан, оҕоҕо төрөөбүт тылын иҥэриини дьиэ кэргэнтэн саҕалаан уһуйааҥҥа, оскуолаҕа салгыы сайыннарыахтаахпыт. Оттон төрөөбүт тыл сүмэтэ биһиги фольклорбутугар сытар», – диэн Любовь Мефодьевна бу сыллар тухары иҥэриммит билиититтэн, үөрүйэҕиттэн үллэстэр.

Бүлүү училищетыттан куорсун анньынан

Любовь Софронеева Ньурба оройуонун Марха сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох Слепцовтар дьиэ кэргэттэригэр оһоҕос түгэҕэ оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ Мария Никоновна эдэр сааһыгар ыарытыйан, күн сириттэн эрдэ туораабыта. Аҕалара  Мефодий Григорьевич Слепцов – тутуу биригэдьиирэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, РСФСР успуордун бэтэрээнэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин хапсаҕайга уонна тустууга чөмпү­йүөнэ, хапсаҕайга САССР ус­­пуордун  маастара, нэһи­лиэк бо­­чуоттаах олохтооҕо. Кини үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, ытыктанар киһи этэ. Мефодий Слепцов  Маар сэлиэнньэтигэр олорор балта Анна Андреевна Матвеева:  «Элбэх оҕону соҕотоҕун иитэр ыарахан, онон биир кыыскын ииттэрэ биэр», – диэн көрдөспүт. Мефодий Григорьевич кэлин кыра кыыһыгар  Любаҕа: «Өр толкуйдаан баран, учуутал эдьии­йиҥ эйигин үөрэхтээх киһи оҥоруо диэн санааттан сөбү­лэспитим», –  диэн этэн турардаах.

Онон Любовь Мефодьевна  биэс сааһыттан  эдьиийигэр иитиллэн,  ахсыс кылаас кэннэ Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педагогическай училищетыгар алын кылаас учууталын идэтигэр үөрэнэн, үлэһит буолбута. Кини  ийэтин  кэриэтэ саныыр эдьиийигэр, таптаан ааттыыр «эбэчикээтигэр» кини кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыһыарбытыгар, үөрэхтээх киһи оҥорбутугар олус махтанар.

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Екатерина Николаевна Григорьева салайааччы­лаах «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо фольклорнай ансаамбылыгар олус сөбүлээн дьарык­танан,  тыл-өс, сиэр-майгы, өй-санаа, тутта-хапта сылдьыы өттүнэн сайдыыта биллэрдик тупсубута. Устудьуоннуур  кэмнэригэр Бүлүү педучилищетыгар, «Айылгы» фольклорнай ан­­саамбылга салгыы дьарыктаммыта. Дьэ, бу дьарыга күн бүгүҥҥэ диэри туһалыы сылдьарын туһунан Любовь Софронеева маннык кэпсиир:

«Бу дьарыгым миэхэ олохпор, үлэбэр билиҥҥэ диэри туһалыыр. Кырачаан иитиллээччилэрбэр «Саһарҕа» фольклорнай ансаамбылы уонна «Чөмчүүк» оҕо тыйаатырын  куруһуоктарын сала­йабын. Оҕолор бу куруһуоктарга фольклор бары көрүҥнэрин билсэллэр, билбиттэрин-көрбүттэрин оонньоон көрдөрөллөр. Үлэм түмүгэ иитиллээччилэрим ситиһиитэ буолар. Кинилэр  уһуйаантан саҕалаан куорат, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэр дипломаннара, лауреаттара, Гран-при кыайыылаахтара  буоллулар. 2017 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллыбыт оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго олоҥхо күрэҕэр биир дойдулаахпыт  Федот Алексеевич Ксенофонтов «Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун Бухатыыр» олоҥхотун туруоран,  Кылаан кыайыылааҕынан буолбута. Ону сэргэ,  «Хотугу сулус», «Бриллиантовые нотки» күрэстэргэ элбэхтик кыттан,  үрдүк ситиһиилэммиппит. «Чөмчүүк» оҕо тыйаатырынан  «Бриллиантовые нотки» күрэһигэр «Гран-при»-ны ылан  Өлүөнэ очуостарыгар путевканан наҕараадаланан, «Эдэр артыыстар» номина­цияҕа тиксибиппит. Дьүүллүүр сүбэ кып-кыра оҕолор олус чобуотук саҥараллар эбит диэн анал номинация олохтообута».

Ииппит-үөрэппит иитиллээччилэрим салҕыы оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэллэрин үөрэ истэбин. Иллэҥ буоллахпына кылаас чааһыгар баран сахалыы остуол, хамсаныылаах оонньуулары оонньотобун, оһуохайдаан да ылабыт.

Саҥаттан саҥа саҕахтарга

Оҕо саҥатын сайыннарарга 30 сыл үлэлээбит Любовь Мефодьевна ситиһиллибитинэн уоску­йан, тох­тоон хаалбат туруу үлэһит киһи.  Оҕолорун өссө чинчийэр үлэнэн дьарык­таан ситиһиилэрэ үгүс. Манна оҕолор интэриэһир­гиир, бэйэлэригэр чугас тиэмэлэри талан, чин­чийэр үлэлэрин хайдах оҥорбуттарын, тугу билбиттэрин-көрбүттэрин киэҥ эйгэҕэ кэпсии үөрэнэллэр. Иитил­лээччилэрэ  Санаайа Петрова өрөспүүбүлүкэтээҕи чинчийэр үлэ күрэһигэр эмтээх чэй туһунан үлэтинэн кыттан, Кылаан-чыпчаал үрдүк аатын ситиспитэ. Эбии өрөспүүбүлүкэтээҕи  «Хомоҕой хоhоон хонуута» күрэххэ кыттан, Гран-при буолбута.

Кэлиҥҥи сылларга «конструирование», «робот тиэхиньикитэ»,  «научнай  тыйаатыр» хайысхалары оҕо саҥатын сайдыытыгар киллэрэн,  иитиллээччилэрэ кэккэ ситиһиилэннилэр, төрөппүттэр, иитээччилэр үөрүүлэрэ үгүс. «Научнай тыйаатыр» ыытар күрэстэригэр өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. Конструирование өттүгэр  Кононов Мирик, Рожин Коля  «Якутская живопись в стиле кубиков» конструирование өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһигэр  «За лучшую описательную часть»  номинация кыайыылаахтарынан буолбуттара. Норуоттар икки ардыларынааҕы «ДЕТалька-2021» робот тиэхиньикэтин  күрэһигэр Алексеев Витя, Варвариков Ваня, Саввинов Корнил, Шелехова Алексиана маҥнайгы миэстэ буолан сөхтөрбүттэрэ. 2021 сыллаахха иитиллээччилэрэ  «Я-лидер» диэн
I өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл куонкуруска икки көрүҥҥэ лауреаттаабыттара.

Бэнидьиэнник аайы – Саха тылын күнэ

«Аленушка» оҕону сайыннарар киин  2014 сыл ахсынньы 1 күнүгэр аанын арыйбыта, быйыл үбүлүөйдээх 10 сылын бэлиэтиир.  Сатабыллаах, аныгылыы көрүүлээх салайааччыларынан Матрена Герасимовна Гаврильева буолар.

«Быйылгы үбүлүөйдээх сылбыт  чэрчитинэн, иитэр-үөрэтэр үлэбит үгүс. Оҕо саадпыт арыллыаҕыттан хас нэдиэлэ аан күнүн «Саха тылын күнэ оҥоруоҕуҥ» диэн этии киллэрэн,  педагогтар бары өйөөннөр, хас бэнидиэнньик аайы кыралыын-улаханныын сахалыы сайбаччы таҥнан бу күн иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр сахалыы саҥаны, толкуйдатар уонна хамсаныылаах өбүгэбит оонньууларын, саха аһын, иһитин-хомуоһун, туттар тэрилин, таҥаһын-сабын, фольклор жанрдарын билиһиннэрэбит. Минньигэс астаах повардарбыт оҕолорго  сахалыы аһылыгы астаан күндүлүүллэр. Саҥа күммүтүн, үүммүт сарсыардабытын киэҥ саалаҕа бары бииргэ мустан оһуохайдыыбыт. Сынньалаҥнарга «Тоҕус мэҥэ хамсаныыны» о.д.а эрчиллиилэри киллэрэбит. Төрөппүттэргэ интэриэһиргиир тиэмэлэринэн сүбэ-ама биэрэбит, маастар-кылаастары,  тэрээһиннэри ыытабыт,  дьиэ кэргэнинэн  кытыннарабыт.

1990-с сылларга оҕо нууччалыы сатаан саҥарбат диэн кыһалҕа турар буоллаҕына, билигин төттөрүтүн Ийэ тылбыт сүтэр кутталланна. Төрөппүт оҕотун кытта ирэ-хоро кэпсэтэрэ аҕыйаата, оҕолорбут гаджет сабыдыалынан нууччалыы саҥаҕа үөрэннилэр. Онон биһиги оҕо саада төрөппүтү кытта үлэбитигэр бу баар кыһалҕаны туоратарга болҕомтобутун ууран үлэлэһэбит.

Ииппит-үөрэппит иитиллээччилэрим салгыы оскуо­лаҕа үчүгэйдик үөрэнэллэрин үөрэ истэбин. Иллэҥ буол­лахпына кылаас чааһыгар баран сахалыы остуол, хамсаныылаах оонньуулары оонньотобун, оһуохайдаан да ылабыт. Оҕолор олус сэргээн, сөбүлээн кытталлар, ылыналлар. Инники үөрэппит иитиллээччилэрим билигин номнуо үлэһит дьон, ыал ийэлэрэ, аҕалара.

Түмүктээн эттэххэ, бары күрэстэргэ фольклорбут көрүҥнэрин киллэрэн кытыннарыым  омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр дии саныыбын. Оҕону кыра сааһыттан өбүгэбит фольклоругар ииттэххэ-үөрэттэххэ, Ийэ тылбыт сүтүө-си­­мэлийиэ суоҕа дии саныыбын», – диэн оҕону сахалыы иитиигэ киэҥ да­­лааһыннаахтык үлэлии сылдьар Любовь Софронеева эрэлин биллэрэр.

Ситиһиилэр сиэттиһэллэр

Улууска:
«Оҕо тэрилтэтин бастыҥ педагога-2007»;
– «Сыл иитээччитэ-2013» күрэххэ 2-с истиэпиэннээх лауреат.
Өрөспүүбүлүкэҕэ:
— «Призвание-воспитатель-2016» күрэххэ 3 миэстэ;
– Логопед-учууталларга өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн ыытыллар V куонкурус 3 истиэпэннээх дипломана.
Арассыыйаҕа:
— «Развитие и саморазвитие участников образовательных отношений в условиях вызовов современности» психология-педагогика сулууспатын кэбиниэттэрин көрүү Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус лауреата.
Ону сэргэ СӨ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн), Бүлүү улууһун дьокутааттарын Оройуоннааҕы сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Хаартыска Л. Софронеева тус архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

5 часов ago