Үлэнэн иитиллии

Share

Ханнык баҕарар киһи бу орто дойдуга олоҕо араастык ааһар. Прасковья Осиповна эринээн Бүөтүрдүүн үс оҕону төрөтөн ийэ, аҕа аатын сүкпүттэрэ. Ол эрээри, иллээх, үөрүүлээх олохторо уһаабатаҕа.

Бүөтүр адьас эдэр сааһыгар айаас акка дэҥнэнэн күн сириттэн букатыннаахтык күрэммитэ. Боккуойа эрэйи эҥэринэн тэлэн, оҕолорун тустарыгар олорбута. Аны соҕотох кыыһа Таанньа ыалдьан биэс сааһыгар олохтон барбыта. Боккуойа Бүөтүрдүүн аҕыйах да сылга буоллар иллээхтэрин, кыыстарыттан күннэрэ-ыйдара тахсарын ымпыктаан-чымпыктаан санаатар эрэ, хайдах эрэ аралдьыйарга, аһыыта, кутурҕана ааһарга дылы буолара.
Боккуойа икки уолун иитэр-аһатар мөккүөрүгэр сылдьара. Уола Дьөгүөссэ сүрдээх өйдөөх, көрсүө-сэмэй, ийэтигэр оҕо эрдэҕиттэн сүбэһит этэ. Иппэй-туппай үлэҕэ быраатыныын Мэхээстиин көмөлөһөн улааппыттара. «Ыар сут, кураан да дьылларга ыал устун ыыппакка, биһигини икки киһи үлэтин үлэлээн ииппитэ. Ас-үөл өрүү кырыымчык буолара. Биһигини хадаҕалаан: «Улаатар дьон эһиги аһааҥ», — диэн биһиэхэ биэрэрэ, бэйэтэ туос аччык от охсоро, ардыгар эр дьоннуун тэҥҥэ бугул бугуллуура, от кэбисиһэрэ», – диэн кэпсиирэ.
Сэрии ыар сылларыгар турар-турбат саа-саадах тутан, Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Дьахтар-аймах хаалан, оҕо-уруу көмөлөһөн, Ольга Семёновна Пестерева дьаһалынан тыылга үлэлии хаалбыттара. Ольга эдэр эрчимнээх, аламаҕай дууһалаах, мындыр өйдөөх буолан, үлэни кыайа-хото тутара. Дьөгүөссэни аһынан дьиэтигэр ыҥыран тото-хана лэппиэскэ сиэтэн, хам-түм алаадьылаан аһатара. Хааһы мэлдьи баар буолара диэн хара өлүөр диэри махтанан кэпсиирэ. Ольга эрэ бастакы хомуурга ыҥырыллан, сэрии толоонугар сырдык тыына быстыбытын туһунан хара сурук кэлбитэ.
«Дойдубут туһугар, фронт туһугар» диэн күүстэрин харыстабакка үлэлииллэрэ. Фроҥҥа ичигэс таҥас тигэн ыыталлара.
Боккуойа инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан оҕолорун сүрэҕэ тугу этэринэн, сахалыы булугас өйүнэн биһигини ииппитэ диэн киэн туттан кэпсиирэ.
Сэрии ыар сылларыгар 2-с Наахара сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан, «Пятилетка» холхуоска ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, кыладыапсыктаан ийэтигэр көмөлөспүтэ. Кыһалҕалаах кэмнэригэр көмөлөспүт Ольга Семёновнаны иккис ийэтин курдук саныыра. Ольга саха дьахтарыгар бөдөҥ-садаҥ, өрүү сырдыгынан мичээрэ сылдьар  этэ. Боккуойалыын истиҥник сыһыаннаһаллара.
Мин кийиит буолан кэлбиппэр: «Дьөгүөссэни таптаа, үчүгэй киһи», — диэбитэ. Сайын аайы уоппускабытын тэҥҥэ ылан сайылыкпытыгар Бырамаҕа сайылыы эдьиийбитигэр Ольгаҕа илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийдэхпитинэ сырылаччы сыллаан ылара, үөрэн мичилийэ турара билигин да харахпар элэҥнээн көстөн кэлэр. Эт, арыы, оҕуруот аһа мэлдьи бэрсэрэ. Оччолорго килиэп Майаттан кэлэрэ, халыҥ уочарат буолан тииспэккэ хааларбыт. Оччоҕо кэм да Ольгабыт килиэп, лэппиэскэ оҥорон биэрэрэ. Кэлин миигин килиэп, лэппиэскэ астыырга үөрэтэн абыраабыта. Оҕолор бэйэ лэппиэскэтин, килиэбин үөрэ-көтө мотуйаллара
Куоракка көһөн киирэрбитигэр ыҥыран, махтанан атаарыы киэһэтин тэрийэрбит. Эрчимэҥҥэ кыһын кэттин диэн андаатар бэргэһэ бэлэхтээбитэ. Наһаа тупсаҕай быһыылаах этэ. Мин таба тыһа биэрэн, Эрчимэҥҥэ унтуу тиктэрбитим. Егор Шестаков-Эрчимэн олохтон туораабытыгар наһаа хараастыбыта уонна кууһан ылан сыллаабыта. «Оҕолоргун этэҥҥэ атахтарыгар туруор», — диэбитэ. Наһаа да сырдык санаалаах, эрэллээх эдьиий этэ.
Эрчимэн: «Кыайыы буолбут сураҕын бурдук ыһа сырыттахпытына, аттаах боломуочунай сүүрдэ сылдьан: «Ураа, Кыайыы буолла!» диэн дорҕоонноохтук хаһыытаан иһитиннэрбитэ. Бастаан итэҕэйбэтэхпит. Дьиэ дьиэбитигэр алаадьы оҥорон сырдьыгынатан үөрэ-көтө бэлиэтээбиппит», — диэн кэпсиирэ.

ХАРЫСТААНА

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Тырахтарыыстардаах буоламмыт

Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр  үлэһит тырахтарыыс уолаттар, эр дьон баар буоланнар, дэриэбинэ олоҕо күөстүү оргуйар.…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма» айан суолугар уу киирбитин туоратыыга үлэ ыытыллар

"Амма" эрэгийиэннээҕи айан суолун 93-94 км учаастагар билигин да күөлтэн уу киирэ турар. "СУ-77" тэрилтэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэҕин таптаа

Маннык тэттик сүбэлэри тутустаххына, настарыанньалаах, үөрэ-көтө сылдьыаҥ, кыраттан иҥнэн-бохтон туруоҥ суоҕа. Сэниэлээх, күүстээх-уохтаах буолуоҥ. -бэйэҕин…

1 час ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Өлүү айаҕын үстэ мүччү  түспүтэ

Нассынаалынай байыаннай оскуоланы  бүтэрбит сержант Семен Петрович Жирков төрөөбүт-үөскээбит Намыгар тахсан  1939-1941 сылларга байыаннай остуол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Арыгылаах сүрэх” – эмиэ ыарыы

Арыгы организмҥа буортутун бары билэр курдукпут. Бу аһыы утах элбэх уорганы сүһүрдэриттэн чуолаан сүрэх үлэтигэр…

2 часа ago