Үлэтэ барыта – сахалыы тыыннаах
Айылҕаттан айдарыылаах, дэгиттэр талааннаах уус киһи бөлүһүөк буолар айылгылаах.
Мас ууһа Николай Уваровскай Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээх буолан, бу ытык дойду айар куту, таатталыы бөлүһүөктүү санааны анаан иҥэрбит киһитэ диэххэ сөп. Дьиҥ сахалыы толкуйдаах буолан, ханнык да үлэҕэ ылыстын, маастар үлэтэ барыта мындыр, сахалыы тыыннаах, дириҥ ис хоһоонноох.
Баҕа санаа туолуута
Николай Уваровскай оскуоланы бүтэрээт, талаанын сайыннаран, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирэн үөрэммит.
– 1996 сыллаахха “Художественная обработка дерева и кости” диэн салааны бүтэрэн, араас тээбириннэри уустук-ураннык оҥоруу ускуустубатын баһылаабытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, тыа сирин оскуолатыгар да, улуус киинигэр үөрэтэр-производственнай кэмбинээккэ да учууталлыы сылдьыбытым. Ол эрээри дууһам, өйүм-санаам туох эрэ уһулуччулааҕы оҥорон, айан таһаарыыга сытара. Маһынан уһана, чочуйа үөрэммит киһи көҥүл айыахпын баҕарарым. Оскуола бырагыраамата айар куттааҕы хааччахтыыра биллэр буоллаҕа. Ол иһин бэйэм айар-тутар санаалаах, киин куоракка көһөн кэлбитим. Кэлээт, тутуу ырыынагыттан уһанар тээбириннэрбин атыыласпытым. Хата, аныгы үйэ буолан, соҕурууттан сакаастаабаккын, Дьокуускайга киһи наадыйара барыта баар. Дьэ, баҕам хоту сахалыы иһиттэн-хомуостан, тээбиринтэн саҕалаан, билигин балаҕаҥҥа, олорор дьиэҕэ тиийэ тутар буоллум, – диэн кэпсиир көҥүл худуоһунньук-маастар.
Ала чуо бэлиэтии көрөн…
Дьиктитэ баар, бэйэм да билбэппинэн, араас кэмҥэ улуустарга командировкаларга сылдьан Николай Уваровскай үлэлэрин аттыгар анаан хаартыскаҕа түһэр эбиппин. Холобура, Нам Аппаанытыгар саҥа култуура киинигэр тутуллубут сэргэни бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан бэлиэтии көрбүтүм. Ол аттыгар хаартыскаҕа түспүтүм.
Аны Томпо улууһугар эмиэ бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан, Хаандыга гимназиятыгар кырасыабай бэйэлээх аарка-ыскамыайканы олус сэргии көрбүтүм.
Ону эмиэ сөбүлээн, хаартыскаҕа түспүтүм. Бу барыта биир уус – Николай Уваровскай үлэлэрэ эбит! Кэлиҥҥи сылларга саҥа тутуллар социальнай эбийиэктэр бары сахалыы тыыннаах киэргэтиллэр буоллулар. Онуоха мындыр, бөлүһүөктүү толкуйдаах, тарбахха баттанар маастардарга чуо тахсан билсэллэр. Онон Николай Уваровскай күн бокуойа суох – сакаас бииртэн биир киирэ турар.
Кэлиҥҥи сылларга саҥа тутуллар социальнай эбийиэктэр бары сахалыы тыыннаах киэргэтиллэр буоллулар. Онуоха мындыр, бөлүһүөктүү толкуйдаах тарбахха баттанар талааннаах
маастардарга чуо тахсан билсэллэр. Онон Николай Уваровскай күн бокуойа суох – сакаас бииртэн биир киирэ турар.
“Оһуор-бичик кыһыыта наһаа үлэлээх, элбэх бириэмэни ылар. Бэйэм эскиистээн, уруһуйдаан биэрэбин. Уһаныы – тугу барытын быраҕан туран бириэмэни эрэйэр үлэ. Миэхэ өрөбүл диэн суох. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиибин”, – диэн бэлиэтиир Николай Николаевич.
… Сатабыллаах уус үлэлиир мастарыскайыгар анаан тиийэн кэпсэтэ сырыттым. Уус киһи кэпсэтэ да олорон, үлэлиирин тохтоппотоҕо. Бу мастарыскыайга – ураты айар тыын, сахалыы толкуй үөскүүр сиригэр сылдьан баран, бэйэм кытта уһаныахпын, айыахпын-тутуохпун баҕаран тахсыбытым.
Хаартыскалар Николай Уваровскай тус архыыбыттан туһанылыннылар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: