Үлэтэ барыта – сахалыы тыыннаах

Share

Айылҕаттан айдарыылаах, дэгиттэр талааннаах уус киһи бөлүһүөк буолар айылгылаах.

Мас ууһа Николай Уваровскай Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээх буолан, бу ытык дойду айар куту, таатталыы бөлүһүөктүү санааны анаан иҥэрбит киһитэ диэххэ сөп. Дьиҥ сахалыы толкуйдаах буолан, ханнык да үлэҕэ ылыстын, маастар үлэтэ барыта мындыр, сахалыы тыыннаах, дириҥ ис хоһоонноох.

Кыйы оскуолатын аал Луук Маһа
Баҕа санаа туолуута

Николай Уваровскай оскуоланы бүтэрээт, талаанын са­­йыннаран, Дьокуускайдааҕы  художественнай училищеҕа киирэн үөрэммит.

– 1996 сыллаахха “Худо­жественная обработка дерева и кости” диэн салааны бүтэрэн, араас тээбириннэри уустук-­ураннык оҥоруу ускуустубатын баһылаабытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, тыа сирин оскуо­латыгар да, улуус киинигэр үөрэтэр-производственнай кэмбинээккэ да учууталлыы сылдьыбытым. Ол эрээри дууһам, өйүм-санаам туох эрэ уһулуччулааҕы оҥорон, айан таһаарыыга сытара. Маһынан уһана, чочуйа үөрэммит киһи көҥүл айыахпын баҕарарым. Оскуола бырагыраамата айар куттааҕы хааччахтыыра биллэр буоллаҕа. Ол иһин бэйэм айар-тутар санаалаах, киин куоракка көһөн кэлбитим. Кэлээт, тутуу ырыынагыттан уһанар тээбириннэрбин атыыласпытым. Хата, аныгы үйэ буолан, соҕурууттан са­­каастаабаккын, Дьокуускайга киһи наадыйара барыта баар. Дьэ, баҕам хоту сахалыы иһиттэн-хомуостан, тээбиринтэн саҕалаан, билигин балаҕаҥҥа, олорор дьиэҕэ тиийэ тутар буол­лум, – диэн кэпсиир көҥүл худуоһунньук-маастар.

Ала чуо бэлиэтии көрөн…

Дьиктитэ баар, бэйэм да билбэппинэн, араас кэмҥэ улуустарга командировкаларга сылдьан Николай Уваровскай үлэлэрин аттыгар анаан хаартыскаҕа түһэр эбиппин. Холобура, Нам Аппаанытыгар саҥа култуура киинигэр тутуллубут сэргэни бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан бэлиэтии көрбүтүм. Ол аттыгар хаартыскаҕа түспүтүм.

Аны Томпо улууһугар эмиэ бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан, Хаандыга гимназиятыгар кырасыабай бэ­­йэлээх аарка-­ыскамыайканы олус сэргии көрбүтүм.

Ону эмиэ сөбүлээн, хаартыскаҕа түспүтүм. Бу барыта биир уус – Николай Уваровскай үлэлэрэ эбит! Кэлиҥҥи сылларга саҥа тутуллар социальнай эби­йиэктэр бары сахалыы тыыннаах киэргэтиллэр буоллулар. Онуоха мындыр, бөлүһүөктүү толкуйдаах, тарбахха баттанар маастардарга чуо тахсан билсэллэр. Онон Николай Уваровскай күн бокуойа суох – сакаас бииртэн биир киирэ турар.

Кэлиҥҥи сылларга саҥа тутуллар социальнай эбийиэктэр бары сахалыы тыыннаах киэргэтиллэр буоллулар. Онуоха мындыр, бөлүһүөктүү толкуйдаах тарбахха баттанар талааннаах
маастардарга чуо тахсан билсэллэр. Онон Николай Уваровскай күн бокуойа суох – сакаас бииртэн биир киирэ турар.

“Оһуор-бичик кыһыыта наһаа үлэлээх, элбэх би­­риэмэни ылар. Бэйэм эскиистээн, уруһуйдаан биэрэбин. Уһаныы – тугу барытын быраҕан туран бириэмэни эрэйэр үлэ. Миэхэ өрөбүл диэн суох. Сарсыардаттан киэ­һээҥҥэ диэри үлэлиибин”, – диэн бэлиэтиир Николай Николаевич.

Балаҕан бэлэм!

… Сатабыллаах уус үлэ­лиир мастарыскайыгар анаан тиийэн кэпсэтэ сырыттым. Уус киһи кэпсэтэ да олорон, үлэлиирин тохтоппотоҕо. Бу мастарыскыайга – ураты айар тыын, сахалыы толкуй үөскүүр сиригэр сылдьан баран, бэйэм кытта уһаныахпын, айыахпын-тутуох­пун баҕаран тахсыбытым.

Хаартыскалар Николай Уваровскай тус архыыбыттан туһанылыннылар

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

9 часов ago